Хараҥа хос: Ийээ, бэлисипиэтим ханнаный?

Бөлөххө киир:

Бу туһунан мин оҕо сылдьан истибитим. Биһиги нэһилиэкпитигэр урут эдэр ыал көһөн кэлбиттэр. Кинилэр биир соҕотох уол оҕолоохторо үһү. Оҕо алта сааһыгар диэри бэрт чэгиэнник сылдьыбыт. Алта сааһын туолуута киниэхэ ийэлээх аҕата бэлисипиэт бэлэхтээбиттэр.

Уолчаан наһаа сөбүлээн, дьиэҕэ буоллун, таһырдьа буоллун, куруук хатааһылыыр эбит. Аҕата уолчаанын бэлисипиэтин көлүөһэтигэр дьэрэкээн киэргэл иилбит. Онто эргийдэҕин ахсын, араас өҥүнэн дьэргэлдьийэр.

Бэрт өлүөрдүк сылдьан бу оҕо эмискэ ыалдьан, аҕыйах эрэ хонон хаалбыт. Биир соҕотох оҕолоохторуттан илии соттон хаалбыт төрөппүттэр муҥнаахтар оҕолорун көмөн баран, туох баар малын-салын, таҥаһын-сабын уматан кэбиспиттэр. Арай бэлисипиэти ылан аҕалара дьиэ үрдүгэр таһааран ууран кэбиспит. Сыл-хонук ааһан испит. Бу ыал нэһилиэктэн көһөн баралларыгар, били өлбүт оҕолорун бэлисипиэтин хаалларан кэбиспиттэр. Кэлин иккистээн оҕоломмуттар. Уоллара эмиэ бэрт сэргэх, сытыы-хотуу, олус чобуо оҕо эбит. Биэс сааһын туолуута биирдэ киэһээҥҥи аһылык кэмигэр: «Ийээ, били урукку бэлисипиэппин ханна гыммыккытый», — диэн ыйытааччы буолбут. Ийэлээх аҕата оччолооҕу истэн баран, ах баран хаалбыттар. Ол онон хаалбыт. Сотору кэминэн уоллара ол бэлисипиэтин сураһар буолбут. Аҕалара ыксаан, били урут олоро сылдьыбыт нэһилиэктэригэр тиийэн, дьиэ үрдүттэн булан, тиэйэн аҕалбыт. Аҕата киирээтин кытта уолчаан утары сүүрэн тиийбит уонна:

Оо, бэлисипиэтим эрэйдээх наһаа эргэрбит дии, аҕаа, оттон киэргэллээх этэ дии, ону тоҕо хааллардыҥ? — диэн ийэлээх аҕатын дьэ, улаханнык соһуппут.

Герасим П.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0