Халаан уута үс түһүмэҕинэн ааһыаҕа

Бөлөххө киир:

СӨ нэһилиэнньэтин олоҕо-дьаһаҕа куттала суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Зайцев Ил Түмэн дьокутааттарын иннигэр бырабыыталыстыбаннай чааска муус устар 24 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, сааскы халаан уутун аһарыы хас да түһүмэҕинэн барыаҕа.

edersaas.ru

Ыам ыйын 4- 20 күннэригэр Өрөспүүбүлүкэ 15 улуустарыгар Өлүөнэ, Алдан, Амма, Таатта өрүстэргэ, ыам ыйын 21 — бэс ыйын 10 күннэригэр алта хотугу улуустарга Халыма, Яна, Индигирка өрүстэргэ халаан уута ааһыаҕа. Үһүс түһүмэҕинэн сайыҥҥы күүстээх ардах кэнниттэн өрүс хаатыттан тахсыбатын туһугар уонча улууска сэрэтэр үлэ барыаҕа.

«Халаан уутун аһарарга 16,5 тыһ. киһи үлэлиэҕэ, 2169 тиэхэньикэ, 127 устар аал, 15 көтөр аал туттуллуоҕа. Ыксаллаах быһыы-майгы тирээтэҕинэ, МЧС авиацията көмөҕө тахсарга бэлэм», — диэн Юрий Зайцев билиһиннэрдэ.

Онон, эбэлэр кыһыҥҥы халыҥ муустан босхолоноллорун саҕана нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабатын туһугар бэлэмнэнии үлэтэ түмүктэннэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0