Халаан: Эмсэҕэлээбиттэргэ көрүллэр көмө

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кээмэйэ

1. Эрэгийиэн уонна муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр, өрөспүүбүлүкэ саппаас пуондадыттан көрүллэр:

— Биир кэмнээх көмө : хас биирдии киһиэхэ 5 тыһ. солк. 

— Баай-дуол сороҕун сүтэриигэ: хас биирдии киһиэхэ 10 тыһ. солк. 

— Баайы-дуолу олорчу сүтэриигэ: хас биирдии киһиэхэ 20 тыһ. солк. 

2. Федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэр түгэнигэр, федеральнай саппаас пуондаттан бэриллэр:

Биир кэмнээх көмө: хас биирдии киһиэхэ 10 тыһ. солк.

— Баай-дуол сороҕун сүтэриигэ: хас биирдии киһиэхэ 50 тыһ. солк.

— Баайы-дуолу олорчу сүтэриигэ: хас биирдии киһиэхэ 100 тыһ. солк.

Тугу гыныахха?

1. Сайабылыанньа. Нэһилиэк баһылыгын аатыгар суруллар.

2. Докумуоннар: хас биирдии киһи пааспарын, оҕо сибидиэтэлистибэтин бигэргэтиллибит куоппуйалара.

3. Болдьоҕо: ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитин кэннэ, сайабылыанньаны биир ый иһинэн бэриллэр.

4. Докумуоннары көрүү болдьоҕо: хамыыһыйа сайабылыанньаны биэс күн иһигэр көрөр.

5. Уу ылбыт дьиэлэрин көрөн оҥоһуллубут акт дьаһалта баһылыгынан бигэргэнэр.

6. Көмөнү ылар дьон испииһэгэ: нэһилиэк хамыыһыйата испииһэги оҥорон улуус дьаһалтатыгар ыытар. Улуус таһымыгар бары нэһилиэнньэлээх пууннартан түмүллүбүт испииһэк оҥоһуллар.

7. Олохтоох салайыныы уорганнара ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитин кэннэ, биир ый ааһа илигинэ Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын саппаас пуондатыттан көмө харчы оҥоһулларын туһунан биллэриэхтээхтээхтэр.

8. Үбү-харчыны биэрии: докумуоннар оҥоһуллан бигэргэтиллибиттэрин кэннэ, Саха Өрөспүүбүлэкэтин Айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ саппаас пуондатыттан үбүлээһин туһунан боппуруоһу көрөр. Федеральнай көмөнү Россия Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтэ быһаарар.

Эмсэҕэлээбиттэр испииһэктэрин, үп-харчы ороскуоттаныытын дааннайдарын иһин эппиэтинэһи муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара сүгэллэр.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0