«Хаартыскаҕа эрэ түспүт буруйдаахпын» — диир Андрей Слепцов

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ батсаабы биир сонун хаартыска толордо. Улахан баҕайы тууччаҕы өйөөн турар эдэр киһи хаартыската. Чокуурдаах олохтооҕо 58 киилэлээх тууччаҕы бултаабыт диэн суруллубут. 

Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru/

Өссө силигин ситэрэн, тууччах киилэтэ 1000 солкуобай диэн эбэн эппиттэрин ааҕан баран, үгүс дьон балыксыт төһө харчыны “аахсыбытын” суоттааһын бөҕө үһү. Ымсыырбыт да ханна барыай? Онон бу хаартыска ир суолун ирдэһэн, бааттаах балыксыт кимин билээри Чокуурдаахха эрийдим. Кырдьык, хаартыска дьоруойа – Андрей Владимирович Слепцов Чокуурдаахха олорор. Баһаарынай массыынаҕа суоппардыыр. Хоту дойду олохтооҕо хайдах балыктаабат, бултаабат буолуоҕай? Ол эрээри, дьиҥэ маннык:  

         Дьиҥэр, бу мин бултаабыт балыгым буолбатах.  Былырыын Русскай Устье балыксыттара бултаабыт этилэр. Ону былырыын баччаларга ыскылаакка сылдьан, ити 27 киилэлээх балыгы кытта түспүтүм. Кырдьык, тууччах наһаа улахан буолар эбит этэ. 1996 с. 2,5 миэтэрэ усталаах 60-ча киилэ ыйааһыннаах балыгы сөмөлүөтүнэн ыыталларын көрөн турабын. Бу хаартыска батсаабынан тарҕанан, киһи бөҕө эрийдэ. Туоһулаһыы бөҕөлөр. Хата, бэйэм да күллүм, — диэтэ Андрей Владимирович.

Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0