Хаайыылаах «Ариадна» көмөтүнэн төлөпүөннэһиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Ариадна» диэн аппарааттаах бырагыраама тиһигин саҥа төлөпүөннэрэ өрөспүүбүлүкэ бары холуонньаларыгар уонна Силиэстийэлиир изоляторга туруорулуннулар. 

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Инньэ гынан, хаайыыга буруйдарын боруостаан итиэннэ силиэстийэ кэмигэр изоляторга олорооччулар чугас дьоннорун кытта бу төлөпүөнүнэн кэпсэтэр кыахтаннылар. «Бу «Ариадна» систиэмэ сибээһэ хаачыстыбалаах уонна сыаната чэпчэки», — диэн РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетыгар бэлиэтээтилэр.

Маныаха бу өҥөнөн туһанарга, буруйун боруостааччы сайабылыанньа суруйуохтаах, онно кэпсэтиэхтээх чугас дьонун төлөпүөннэрин нүөмэрдэрин ыйыахтаах. Бу сибидиэнньэлэр электроннай базаҕа киллэриллэллэр, хаайыылаахха логин бэриллэр.

Буруйун боруостааччы счетугар баар харчынан биитэр дьоно кини счетугар ыыппыт харчыларынан кэпсэтэр каарта ылар.

Бу барыта хаайыылаахтар социальнай сибээстэрин быспаттарын туһугар оҥоһуллар. Бу туһунан УФСИН пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/ 

Хаартыска: УФСИН пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0