Хаайтарыах дьону волонтердар абыраатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ 65-тэн үөһээ саастаах дьон дьиэлэригэр олороллорунан сибээстээн, кинилэргэ көмөлөһөр, өйүүр дьоннорунан волонтердар буоллулар.

edersaas.ru

75 саастаах Валерий Кычкин  бу абыраллаах хамсааһын туһунан санаатын маннык үллэстэр:

Коронавирустан харыстанар харантыын кэмигэр биһиги ыал моһуогуруо эбиппитин, Майам волонтердара абыраатылар. Кэргэним инбэлиит, хаампат. Онон маҕаһыынҥа бэйэм сылдьар этим. Аны харантыын буолан, олох да хаайтарыахпытын, хата, оҕолор бэйэлэрэ төлөпүөнүнэн билсэн абыраатылар. Салайааччылара Октябрина Кулешова диэн.

Эмп уонна ас сакаастаан баран, сурукпун таһырдьа уурабын. Онтон «кэлиҥ» диэн төлөпүөннүүбүн. Ону кэлэн ылан баран, харчым тобоҕун, аспыт, эмпит суотун дьааһыкка аҕалан уураллар уонна төлөпүөннээн «аҕаллыбыт» диэттэрин кытта,  тахсан ылабын.

Оҕолорбор хайдах махтаныахпын билбэппин. Олус абыраллаах хамсааһын эбит, волонтердар диэннэрэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0