Мэлдьэхсигэ Дьоруой Федор Попов бирииһигэр күрэхтэһии буолла

Бөлөххө киир:

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов бирииһигэр икки күннээх сыралаах күрэхтэһии Мэлдьэхсигэ кулун тутар 14 күнүгэр саҕаламмыта.

Үтүө үгэс быһыытынан ыытыллар күрэхтэһиигэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ, Хорообут, Төхтүр, Сыымах, Мэлдьэхси нэһилиэктэрин  хамаандалара спорт 11 көрүҥэр  күөн көрүстүлэр.

Түмүктэр манныктар:

волейболга кыргыттарга — 1-кы миэстэ — Бэдьимэ, 2-c миэстэ — Мэлдьэхси, 3-с миэстэ — Хорообут;

волейболга уолаттарга — 1-кы миэстэ – Бэдьимэ, 2-с миэстэ – Хорообут, 3-с миэстэ — Төхтүр;

дуобакка 1 миэстэ — Мэлдьэхси, 2-с — Төхтүр, 3-с —Хорообут;

саахымакка 1 миэстэ —  Мэлдьэхси, 2-с — Хорообут, 3-с — Төхтүр;

ытыыга 1 миэстэ — Бэдьимэ, 2-с  — Төхтүр,  3-с – Сыымах;

гиирэҕэ 1миэстэ – Мэлдьэхси, 2-с – Бэдьимэ, 3-с – Сыымах.

Ити курдук, мас тардыһыытыгар, ыстаҥаҕа, хапсаҕайга, теннискэ, хабылыкка, хаамыскаҕа нэһилиэктэр сүүмэрдэммит хамаандалара эрбии тииһинии кииристилэр.

Уопсай түмүгүнэн 1 миэстэни 24 очколаах Мэлдьэхси хамаандата ылла, 30 очколаах Хорообут 2-с миэстэ, 32 очколаах Төхтүр 3-с буоллулар.

Муҥутуур кыайыылаах иһин хапсаҕайга  85 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга Хорообуттан Юрий Скрябин  чөмпүйүөн буолан, Мэлдьэхси нэһилиэгэ туруорбут убаһатын ылла.

Кэлэр сылга Дьоруой Попов бирииһигэр өссө күүскэ бэлэмнэнэн кэлэргэ дэстилэр. Спортивнай хамаандалар оонньууларын көрөөччүлэр дуоһуйа, сэҥээрэ көрөн  тарҕастылар.

Надежда Андросова,

Мэлдьэхси, Мэҥэ-Хаҥалас.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0