Владимир Путин ыам ыйын 11 күнүнээҕи этиилэрин сүрүнэ

Бөлөххө киир:
  • Ыам ыйын 12 күнүттэн өрөбүл күннэр түмүктэнэллэр. 65-тэн үөһэ саастаахтарга уонна ыарыһахтарга дьиэҕэ олорор хааччахтааһын оннунан хаалар.
  • Элбэх дьон кыттыылаах тэрээһиннэр бобуллаллар.
  • Эрэгийиэн баһылыктара хааччахтыыр дьаһаллары хаалларыыны эбэтэр сымнатыыны балаһыанньаттан көрөн бэйэлэрэ быһаараллар.
  • Социальнай эйгэ уонна доруобуйа харыстабылын үлэһиттэригэр муус устар 15 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри эбии төлөбүр олохтонор
  • Ыам ыйын 12 күнүттэн экэниэмикэ сүрүн салааларын чөлүгэр түһэриини саҕалыахха – сибээһи, энергетиканы, тыа хаһаайыстыбатын, оҥорон таһаарыыны уонна тутууну
  • Ыам ыйын 15 күнүгэр диэри бары эмчиттэр анаммыт төлөбүрдэрин толору ылыахтаахтар

ОҔОЛООХ ЫАЛЛАРГА КӨМӨ:

— Үлэтэ суох хаалбыт төрөппүттэрдээх дьиэ кэргэттэр 18 саастарын туола илик оҕолоругар 3 000 солкуобай ылыахтара;

— Оҕо көрүүтүн босуобуйата икки төгүл улаатыаҕа – 3 375 солкуобайтан 6 751 диэри;

— 3-тэн 16-гар диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэн 10 000 солкуобайдаах биир кэмнээх төлөбүрү бэс ыйын 10 күнүттэн ылыахтара;

— 5 000 солкуобайы 3- гэр диэри саастаах оҕолоох бары дьиэ кэргэттэр ылар кыахтаналлар;

— Кыһалҕалаах дьиэ кэргэттэр ортотунан биир оҕоҕо 33 тыһыынча кэриҥэ солкуобайы бэс ыйыгар 6 ыйдааҕыны тутатына ылыахтарын сөп.

БИИСИНЭСКЭ УОННА СОЦИАЛЬНАЙ КЭМИЭРЧЭСКЭЙ СУОХ ТЭРИЛТЭЛЭРГЭ КӨМӨ:

— Бэс ыйын 1 күнүттэн кирэдьиит нөҥүө дьарыктаах буолууну анал өйөөһүн саҕаланыаҕа. Өскөтүн тэрилтэ үлэһитин ахсаанын 90% хааллардаҕына, кирэдьиит уонна бырыһыаннара толору сотуллаллар. Оттон 80% хаалларар түгэнигэр – аҥаара сотуллар;

— Муус устар, ыам ыйынааҕы уонна бэс ыйынааҕы нолуоктары (НДС-тан ураты) төлүүртэн босхолоноллор;

— Бэйэ дьарыктаахтарга 2019 сылга дохуотун иһин төлөөбүт нолуогун толору төннөрүөхтэрэ уонна биир хамнас алын кээмэйин саҕа нолуок хапытаалын биэриэхтэрэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0