Эдэр ыал хайдах дьиэлэнэр?

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2006 сылтан “2012-2019 сс. хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраама иһинэн “Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” диэн хос бырагыраама үлэлиир. Уон сыл устата барыта 3917 эдэр ыал дьиэлэннэ. Бастаан саҕаланарыгар үс эрэ улуус кыттыбыт буоллаҕына, билигин 36 улуус, куорат барыта кыттар.

2016 сылга СӨ бүддьүөтүттэн 150 мөл. солк., олохтоох бүддьүөт үбүттэн эбии 177,4 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Быйыл барыта 392 ыал дьиэлэниэхтээх.

Кинилэргэ атыылаһар, эбэтэр туттар дьиэлэрин сыанатыттан 35%-на, оҕолоох буоллахтарына 40%-на төлөнөр. Ипотеканан атыылаһар буоллахтарына, бастакы усунуос быһыытынан туһаныахтарын сөп.

dom-molodoj-semi1

Ким ылар кыахтааҕый?

  1. Эдэр ыал 35 сааһын туола илик буолуохтаах. Аҥардас төрөппүт эмиэ хапсар.
  2. Олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга наадыйар, учуокка турбут буолуохтаах.
  3. Баантан кирэдьиити ылар, төлүүр кыахтаах, онно эппиэттэһэр дохуоттаах буолуохтаах.

Биллэн турар, баҕалаах барыта кыайан ылбат. Хас да сыл уочараттаан ылаллар. Бу кэмҥэ 35 саастарын туолан, ытыстарыттан соттон хаалбыт түгэннэрэ эмиэ баар.

Эдэр ыал туораттан көмөтө суох дьиэ атыылаһара, туттара уустук. Үгэс курдук, аҕалара үлэлиир, ийэлэрэ оҕо көрөн олорор буолар. Ол эрээри, куортамнаан олорон харчыны тыалга көтүтүөхтээҕэр, иэскэ да киирэн туран, дьиэлэнэ сатаабыт ордук. Судаарыстыбаны таһынан төрөппүттэрэ көмөлөһүөхтэрин уонна Ийэ хапытаалын эбиниэхтэрин сөп. Атын бырагыраамаларга хапсар буоллахтарына, ол эмиэ төһүү буолар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0