Эбээ, мин кэпсиэм! (кэпсээн)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Торуойускай сэлиэнньэтин мааны ыалыгар, Торопуунаптарга, ыраах сиртэн хос-хос эбэлэрэ Маайа эмээхсин кэллэ.

edersaas.ru

Кини сааһын ким да бу бачча диэн кыайан быһаара илик. Отучча сыллааҕыта “сүүсчэкэм буолуо” диэбитэ даҕаны, кини саас ортолоох эрдэҕинэ, 70-наах эмээхситтэр, “эбиммитэ буолуо» диэн бараннар, билигин бары анараа дойдуга барыталааннар, кини сааһын бүдүүлүөх киһи хаалбата. Онон эмээхсин сааһын, быһа холуйан, 130 буолуо дэһэллэр. Ытык кырдьаҕас билигин да хоп курдук. Куура хаппыт бэйэтэ сорох тарайа унаарыҥнаабыт дьахталлардааҕар сыыдам. Өйө-мэйиитэ даҕаны былыргыны күн бэҕэһээ курдук өйдүүрүн этэ да барыллыбат.
Сайын үгэнэ буолан, от-мас муҥутаан сиппит кэмэ. Чугастааҕы ойууртан сибэккилэммит сэппэрээк мүөттээх сыта сүрэҕи-быары сылаанньытан ааһар. Ыал үксэ сарсыардаттан кураан, күнү былдьаһан окко сылдьар. Арай, оҕо-дьахтар хаалан, дьиэлэрин-уоттарын көрөллөр, киэһээҥҥи чэйдэрин бэлэмнииллэр. Эмээхсин кэлээт да, кини аатынан ааттаммыт, бэһис кылааһы бүтэрбит, хос-хос сиэнэ Маайыһы кытта сарсын Дьэдьэннээх диэн кырдалга дьэдьэн көрө барыах буолан үлэстэ. Сиэнэ кыыс бэрт улгумнук сөбүлэстэ. Маайыс кыыс: “Ол Дьэдьэннээх диэн сир ханна баарый?» — диэн ыйыппытыгар, ытык кырдьаҕас: “Ээ, тукаам, Хооҥку үрэҕин уҥуор”, — диэтэ. Кыыс тугу эрэ өйдүү сатыырдыы: “Хооҥку, Хооҥку”, — диэн ботугураамахтаан баран, тиэргэҥҥэ оонньуу тилир гынан хаалла.
Эмээхсин хос-хос сиэнэ кыыстыын сарсын былыр үйэтээҕитэ сылдьыбыт алардарын, сирдэрин көрө барыахтааҕын санаан, сүрэҕэ бэрт минньигэстик нүөлүйдэ. Сарсыҥҥы күнү кэтэһэ таарыйа чабычаҕын, оҥоойутун бэлэмнэннэ. Сарсыарда сөбүгэр соҕус туран, дьиэ дьоно аһаан-сиэн баран, суй-сай барыталаан хааллылар. Маайа хос-хос сиэнинээн Дьэдьэннээхтэригэр айаннаатылар. Сэлиэнньэттэн ыллык суолунан биэрэстэ сири баралларын кытта, Маайыс:
— Эбээ, ол Качеля күөл көһүннэ, — диэтэ.
— Ханнааҕы Хачыаланы кэпсиигин?
— Онтон ити көстөр күөлү этэбин ээ.
— Ыы, тукаам, ити күөл былыргыта Кэччиэлэ диэн этэ. Дьон хас да илими үттүн — уон быччыыкаттан ордугу ылбаттара. Ол иһин “кэччэгэй” диэн тылтан таһааран, Кэччиэлэ диэн ааттаабыттара, — диэн быһаара-быһаара, эмээхсин тайах маһынан тэптэн, аргыый сиэнин аргыый батыһан истэ. — Онтон бу тэҥкэ кэтэҕэр…— диэн кэпсээн эрдэҕинэ, кыыс быһа түһэн:
— Гитара күөл баар, — диэтэ.
— Суох, суох, тукаам, ити Кыыкынайдаах күөлэ. Былыр халаан саҕана сээнинэн араас эбэ балыга тахсара. “Кыыкынай” диэн алыһар кыратын ааттыырбыт, арыый ортокута “куначар” диэн буолара. Көрөҕүн дуо, ол хочоҕо урсунуран көстөр күөлү? Ити Хомустаах диэн күөл.
— Хайда-ах? Балалайка буолбатах дуо?
— Суох. Урут күөлү эргийэ хомус от үүнэрэ. Эн хос-хос эһээҥ Сэмэн ити күөлтэн хомус үргээн ылан бэлэхтиир буолара.
— Оттон Домбраны билэҕин дуу?
— Һыллыа, ол ханнык күөлү эттиҥ буолла?
— Оттон маннык баран истэххэ, үрэх үрдүгэр турар күөл.
— Арааһа, Киис Тиҥилэхтээҕи кэпсиир быһыылааххын, — дии-дии эмээхсин сыыдамсыйа сатаан төкүөлэйдэннэ.
— Хайа, эбээ, Хооҥку үрэҕэ ханна баарый?
— Онтон бу кэллибит дии.
— Па-а, Фомканы ааттыыр эбиккин дуу? Мин ханнык эрэ саҥа, элбэх дьэдьэннээх кистэлээнискэй сири көрдөрөөрү гыннаҕа дуу дии санаабытым. Хата, эбээ, кэпсээ эрэ, манна Фомка диэн киһи олорбута дуо?
— Манна ханна да Пуомка диэн киһи олорботоҕо, арай, мин барбытым кэннэ олордо ини. “Хооҥку” диэн үрүт өттө муус буолан баран, алын өттө уута баран хаалбыт үрэх, күөл мууһун ааттыыллара. Дьэ-э, Дьэдьэннээхпит көһүннэ, билигин тахсан сынньанан баран, дьэдьэммитин хомуйуохпут буоллаҕа, — эмээхсин саҥата күө-дьаа буолла.
— Эбээ, бу Дьэдьэннээх буолбатах ээ, Лакомка, Лаахымай диэн сир, — дии-дии, Маайыс эбээтин уолбут үрэҕи тоҥолоҕуттан өйөөн туоратта.
Сыыр үрдүгэр тахсан, ойуур саҕатыгар сынньана олорон, эмээхсин сылайбыт, хом түспүт куолаһынан:
— Ээ, сир-дойду аата барыта уларыйан хаалбыт, букатын атын сиргэ сылдьар курдукпун. һаа-дьа, эрдэ соҕус өбүгэлэрим дойдуларыгар баран хаалбакка, Орто дойду салгынын көлбөҕүрдэ сырыттаҕым, — диэт, үөһээ тыынна, итиэннэ сиэнигэр хайыһан: — Һыллыа, аны дьэдьэммитин булан дьэдьэннэ амсайан көрүөх, — диэтэ.
Эбээлээх сиэн дуомугар дьэдьэннээн, иккиэн холбоон ыаҕайаларын аҥаарынан гынан баран төнүннүлэр. Маайыс сонунун кэпсии истэ:
— Эбээ, биһиэхэ үс сыллааҕыта күн өлөрүн үөрэтэ франзуцтар кэлэ сылдьыбыттара. Сүдьээйи бааһынатыгар тиийэннэр, күн өлүүтүн киинэҕэ устубуттара. Кинилэр кэлэн барбыттарын кэнниттэн Сүдьээйини хаһыакка “Сюзяй” диэн суруйар буолбуттара. Күлүүлээх баҕайы дии. “Сүдьээйи” диэн туох суолталаах тылый?
— Туох күлүүлээҕэ кэлиэй? Ол дьон кэллэҕин-бардаҕын аайы төрүт, Ытык сирдэрбит ааттарын уларытан истэхпитинэ, соторунан өтөхпүт төҥүргэһэ, сурпут кэриэһэ да суох хаалыыһы дии. Былыр эбэҕэ тумустаан киирэр сири “сүдьэн” диир буолаллара. Онтон биһиги Сүдьээйибит икки өттүттэн улахан өрүстэр ааҥнаан киирэн алтыһар сирдэрин тумса буоллаҕа. Биир өттүттэн Майда өрүс, иккис өттүттэн Аллан өрүс аарыгыран арыы тумус сири үөскэтэн, ол сирэ киэҥин-куоҥун, уһунун көрдөрөн, Сүдьээйи диэн ааттаабыттар, — диэн баран эмээхсин, уһун толкуйга түспүттүү, саҥата суох салбыҥнаан истэ.
Маайыс да сөптөөх харданы ыллым диэбиттии ах барда. Ити курдук дьэдьэнниттэр кэлбиттэринээҕэр быдан өр айаннаан, аара хаста да сынньанан, дьиэлэригэр тиийдилэр. Киэһээҥҥи чэй кэнниттэн эмээхсин ону-маны кэпсэппэхтээн баран, хоһугар киирэн, эркин диэки хайыһан, илиитин холбоччу тутан, кулгааҕын анныгар даҕанан утуйан хаалла.
Сарсыарда Маайыс:
— «Кырдьан баран төрөөбүт өтөххүн баран көрөр аньыы” диэн былыр сөпкө да этэллэр эбит. Манна кэлбэтэҕэ буоллар, эмээхсин өссө да сылдьымахтаһыаҕа хааллаҕа. Ол да буоллар, төрөөбүт сирин-дойдутун көрөн, сибиэһэй салгыныттан ыймахтаан, дьэдьэниттэн амсайан, санаабыт санаатын толорон бараахтаата, — диэн ыаллара дьахтар саҥатыттан уһуктан кэллэ.
— Ол ханна барда? — Маайыс бастаан өйдөөбөккө олоро биэрдэ. Оҕото уһуктубутун истэн, төбөтүн оройугар хара былаат бааныылаах ийэтэ киирэн кэллэ:
— Сыллыай, эбээ аны төннүбэт сиригэр барда. Бэҕэһээ куйааска хаампытын сүрэҕэ тулуйбатах быһыылаах.
Маайыс туох буолбутун, дьэ, өйдөөн, хараҕын уута субурус гынна уонна атын сир диэки хайыһан олорон оргууй ботугураата:
— Эбээ, эн санаа баттыктаах барыма, биһиги сирбит-уоппут төрүт аатын мин дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиэҕим.

Уус Маайаттан Евсей Лугинов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0