Эһиил табаһыт хамнаһа үрдүөҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Тыа сирин социальнай-экономическай сайдыытын 2002-2006 сс. судаарыстыбаннай бырагырааматын» чэрчитинэн болҕомто ууруллан, таба салаата хаалыыттан таһаарыллыбыта, таба ахсаана эбиллибитэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1990 с. 361,5 тыһ. таба баар эбит буоллаҕына, 2001 с. 134 тыһ. таба хаалбыта. 2010 с. 200 тыһыынчаҕа тиэрдиллибитэ эрээри, 2013 с. 165 тыһ. буолбута. Ити биир сүрүн биричиинэтинэн хамнас быстар кырата буоларын ыйан тураннар, норуот дьокутааттара бүддьүөттэн биир киһиэхэ ый ахсын бэриллэр 12 тыһ. солкуобайга улуус уонна тустаах хаһаайыстыба харчы көрөннөр, табаһыт ыйдааҕы хамнаһа 20 тыһ. солк. намыһаҕа суох буолуохтааҕын туһунан балаһыанньа оҥоһулларын ситиспиттэрэ.

2014 с. таба иитиинэн дьарыктанар сүүрбэ икки улуустан биэс-алта эрэ улуус бу сыалга харчы көрбүтэ, атыттар үп кырыымчыгар сигэммиттэрэ. Инньэ гынан дьокуутааттар судаарыстыба көрөр төлөбүрүн тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр (15,5 тыһ. солк.) тиэрдэри, оттон улуус уонна хаһаайыстыба холбоон 5 тыһ. солк. харчы көрөллөрүн итиэннэ хас улуус ахсын таба иитиитин сайыннарар муниципальнай бырагыраама оҥоһулларын ирдээбиттэрэ.
«Барытыбын биир хааһахха угар сыыһа, үлэ көрдөрүүтэ учуоттаныахтаах», – диэн элбэх табалаах, табаарынай таһымҥа тахсыбыт хаһаайыстыбалар туруорсаннар, Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт ТХНЧИ учуонайдарын кытары кыттыһаннар хамнаһы ааҕыы саҥа методикатын ырытан оҥордулар.
Бу методика Саҥа дьылтан олоххо киллэриллиэҕэ. Таба салаатыар идэтийэр хаһаайыстыбалар икки хайысханан араарыллыбыттар: үгэс буолбут төрүт салаанан дьарыктанааччыларга (ол эбэтэр аҕыйах табалаах хаһаайыстыбаларга) итиэннэ табаарынай хаһаайыстыбаларга. Оттон хамнас чахчы үрдэтиллибит, бүддьүөттэн 21 тыһ. 400 солк. көрүллэр буолбут, ол оннугар үлэһит ахсаана аҕыйатыллан биэрбит. Урут биир биригээдэ чуумсугу киллэрэн туран, 13 үлэһиттээх буоллаҕына, билигин аҕыс эрэ киһи көрүллүбүт, ол эбэтэр 13 киһи оннугар аҕыс эрэ киһи мэктиэлэммит хамнаһынан хааччыллыбыт.
– Биһиги бастатан туран дьон дьылҕатын уонна төрүт салаа сайдыытын өрө тутабыт, – диир Ил Түмэн хотугу төрүт олохтоох омуктар уонна Арктика дьыалаларыгар кэмитиэтин баһылыга Елена Голомарева. – Биллэн турар, биригээдэ штата аҕыс эрэ киһинэн быһыллыбытыгар сөбүлэспэппит, сылы сыллаан балаакканан олорор, ыарахан үлэлээх дьон суотугар үбү кэмчилиир табыллыбат. Онон саҥа методика төһө табыгастааҕын, туох итэҕэстэрдээҕин үөрэтиэхпит итиэннэ тупсарарга салгыы үлэлиэхпит.
Раиса СИБИРЯКОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0