Дуоллар 30 солкуобайга диэри түһүөн сөп

Бөлөххө киир:

Биллэрин курдук, 2014 сыллаахха Крым Арассыыйаҕа холбоһуон уонна Украинаҕа сэрии күөдьүйүөн иннинэ дуоллар 30 солкуобай этэ. Эспиэртэр этэллэринэн, билигин сайдыылаах экэниэмикэлээх дойдулар судаарыстыбаннай иэстэрэ үрдээн, аан дойду валютатын балаһыанньата мөлтөөн, таҥнары сурулаан түһэр кутталлаах.   

edersaas.ru

Арассыыйаҕа санкция киллэрбиттэрин, итиэннэ ньиэп сыаната түспүтүн кэннэ дойду судаарыстыбаннай иэһэ аан бастаан лаппа кыччаан, мунньуллубут резервнэй саппаас көмөтүнэн баар иэһи холкутук сабар кыах көһүннэ. Ол эбэтэр, атырдьах ыйын 1 күнүгэр федеральнай бырабыыталыстыба, эрэгийиэннэр, муниципальнай тэрээһиннэр, ол иһигэр тэрилтэлэр кирэдьииттэригэр судаарыстыбаннай мэктиэ барыта холбоон 16,2 триллион солкуобай этэ. Оттон судаарыстыба ликвиднай актыыптара – 17,6 триллион солкуобайга тэҥнэстэ.

Итиннэ олоҕуран, «Иволга Капитал» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Андрей Хохрин дуоллар төттөрү 30 солкуобайга түһүөн сөбүн туһунан сабаҕалаата. Кини этэринэн, Арассыыйа экэниэмикэтэ кэлэр сылларга сылга 2% сайдыан сөп, оттон тас дойдулар дириҥ экэнэмиичэскэй кириисискэ түһүөхтэрэ.

Сайдыылаах дойдулар иэстэрин саба сатаан, саҥа иэс ыларга күһэллэллэр. Кинилэр иэстэрэ экэниэмикэ сайдыытын куоһардаҕына, баар кыһалҕаны быһаарарга дуоллар куурсун эрэ түһэриэхтэрин сөп диэн сыаналыыр Хохрин. Ол туһунан Mk.ru иһитиннэрэр.

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0