Арассыыйаҕа  Дьоруой Ийэ аатын сөргүтүөхтэрин сөп

Бөлөххө киир:

Федерация Сэбиэтин регламеҥҥа, парламент үлэтин тэрийиигэ кэмитиэтэ Арассыыйаҕа Дьоруой Ийэ бэлиэни сөргүтэргэ этии киллэрдэ. Ону тэҥэ элбэх оҕолоох төрөппүттэр үлэҕэ ыстаастарын ааҕыллыытыгар уларытыылары киллэриэхтэрэ.

Билигин ийэ оҕото 1,5 сааһыгар диэри көрөн олорор буоллаҕына, үлэ ыстааһа ааҕыллар. Ол эрээри хааччахтаах: түөрт оҕоҕо – барыта холбоон алта сыл үлэ ыстааһа ааҕыллар. Бу кэнниттэн, баҕар, уон да оҕолон, алта сыл эрэ ааҕыллар. Онон, кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Кутепов этэринэн, бэһис, онтон кэлэр оҕоҕо эмиэ үлэ ыстааһа ааҕылларын курдук боппуруоһу көтөҕөн, сокуон барылын оҥоро сылдьаллар.

Ону тэҥэ аҥаардас аҕаларга, оҕону иитэ ылбыт төрөппүттэргэ эмиэ ыстаас ааҕыллыахтаах. Холобур, элбэх оҕолоох аҕа кэргэнэ суох хаалбыт буоллаҕына, туох да босуобуйаны ылбат.

Саха сирин ылар буоллахха, дойдуга биир бастакынан 2017 сыллаахха Дьоруой Ийэ аатын сөргүппүттэрэ. Үрдүк наҕараадаҕа эбии 1 мөлүйүөн солкуобай бириэмийэ туттарыллар. Ону тэҥэ,  I, II, III истиэпэннээх «Ийэ албан аата» бэлиэнэн сэттэ, аҕыс, тоҕус оҕолоох ийэлэр наҕараадаланаллар. Кинилэргэ 50, 75, 100 тыһыынча солк. суумалаах бириэмийэ олохтоммута (урут 10 тыһ. солкуобайы ылар этилэр).

Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уонтан элбэх оҕолоох барыта 464 дьиэ кэргэн олорор. 2000 сылтан бэттэх уон оҕону төрөппүт 72, сэттэттэн элбэх оҕолоох 1600 ыал баар.

Санатар буоллахха, сэбиэскэй кэмҥэ Дьоруой Ийэлэр Үлэ дьоруойдарыгар тэҥнэнэр этилэр. Улахан чиэс-бочуот этэ. Судаарыстыба өттүттэн дьоһун көмө да оҥоһуллара. Аан бастаан 1944 сыллаахха уонтан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит ийэлэргэ Дьоруой Ийэ уордьанын, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин грамотатын туттарбыттара. Уордьан кыһыл уонна үрүҥ көмүстэн оҥоһуллара, Сэбиэскэй Сойуус биир үрдүкү наҕараадата этэ. Оҕону иитии ол курдук үрдүктүк сыаналанара.

Бүтэһигин маннык уордьаны 1991 сыл сэтинньи 14 күнүгэр туттарбыттара. 1995 сыллааҕы туругунан, 431 тыһыынча кэриҥэ дьахтар Дьоруой Ийэ аатын ылбыта.

Билигин Арассыыйаҕа маннык статус суох. Арай 2008 сылтан «Родительская слава» бэлиэнэн сэттэттэн элбэх оҕолоох ийэлэри, аҕалары наҕараадалыыр буолбуттара. Бэлиэ 50 тыһ. солк. харчынан бириэмийэлээх, ону тэҥэ, кэккэ социальнай чэпчэтиилэринэн туһаныахха сөп. Ол эрээри бу бэлиэни барыларыгар биэрбэттэр, ирдэбиллэрэ олус үрдүк.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0