Дьокуускайга үлэтэ суох дьон босуобуйалара

Бөлөххө киир:

РФ Бырабыыталыстыбата 2020 сыл кулун тутар 27 күнүгэр үлэтэ суох дьоҥҥо төлөнөр босуобуйа муҥутуур кээмэйин 12 130 солкуобайга диэри үрдэппитэ. Урут итинник босуобуйа кээмэйэ 8000 солкуобай этэ. Оттон үлэтэ суох дьон ылар босуобуйаларын саамай алын кээмэйэ уларыйбакка 1500 солкуобайынан хаалла. Ол туһунан СӨ нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрэр.

Босуобуйа муҥутуур кээмэйин (8000 солкуобайы) ыла сылдьар дьон муус устартан үрдэтиллибит босуобуйаны ылыахтара.

Саха сиригэр ити босуобуйаҕа оройуоннааҕы коэффициент эбиллэн, кыратык үрдээн биэриэҕэ. Холобур, Дьокуускайга 1,4 эбилик ааҕыллан, үлэтэ суох дьон муҥутаан 16 982 солкуобайы ылыахтара.

Хоту уонна арҕаа, Бүлүү бөлөх улуустарыгар 1,6 эбилик ааҕыллан, муҥутаан 19 408 солкуобайы ылыахтара. Мииринэйгэ, Ленскэйгэ 1,7 эбилик ааҕыллан, үлэтэ суохтар муҥутаан 20 621 солкуобай босуобуйа ылыахтара.

Аллараа Халымаҕа, Усуйаанаҕа, Айхал, Удачнай алмаас хостуур айылҕа баайдаах сиргэ, Кулаарга, Депутатскайга 2,0 оройуоннааҕы эбилик ааҕыллан, босуобуйа муҥутуур кээмэйэ 24 260 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

Босуобуйа муҥутуур кээмэйин алта ый үлэлээбит уонна үлэ бэрээдэгин кэспэтэх дьон ылаллар. Ыстатыйанан, ол эбэтэр үлэ бэрээдэгин кэһэн ууратыллыбыт дьон үрдэтиллибит босуобуйаны ылбаттар.

Алын кээмэйдээх босуобуйаны үлэни саҥа көрдүүр уонна урут ханна да үлэлээбэтэх, урбааннарын тохтоппут, кэтэх тэрилтэлэрин саппыт, үлэ бэрээдэгин кэһэн ууратыллыбыт, бааһынай хаһаайыстыбаттан тахсыбыт уонна бүтэһик үс ыйдааҕы орто хамнастарын туһунан ыспыраапканы аҕалбатах дьон ылаллар.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: veved.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0