Дьокуускайга Кэбээйиттэн уонна Уус Алдантан ойуур баһаарын буруота кэллэ

Бөлөххө киир:

Дьокуускайга Кэбээйиттэн уонна Уус Алдантан ойуур баһаарын буруотун тыал аҕалла диэн Ойуур харыстабалын авиационнай баазатын начаалынньыга Владимир Леонов СИА-ҕа иһитиннэрдэ.

«Дьокуускайга бүгүн икки сиртэн баһаар буруота кэллэ: Сангаар сириттэн уонна Уус Алдантан. Бу умулларыллыбыт баһаардар Алдан өрүс төрдүн утары бааллар. Тыал хайысхата уларыйдаҕына буруо ааһыаҕа», — диир Владимир Леонов.

Кини иһитиннэрбитинэн, 250-300 км радиуска баар баһаардар бары бохсуллубуттар. Сарсыардааҥҥы дааннайдарынан, өрөспүүбүлүкэҕэ биэс баһаар баар.

edersaas.ru

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0