Дьиэ хаһаайкаларыгар босуобуйа төлөнүө дуо?

Бөлөххө киир:

ГосДуумаҕа оҕолорун, кырдьаҕастары, инбэлииттэри көрөн олорор, хаһаайыстыбаларыгар үлэлиир дьоҥҥо босуобуйаны төлүүр туһунан сокуон барылын ЛДПР баартыйа оҥорон киллэрбитэ.

Усулуобуйатыгар дьиэ кэргэн орто дохуота эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына бэриллэр диэн ыйыллыбыт.

Ол эрээри, бу сокуон барыла бырабыыталыстыбаҕа өйөбүлү ылбата. “Дьиэтээҕи хаһаайыстыба” диэн өйдөбүл сокуоҥҥа ситэтэ суохтук суруллубут диэн быһаардылар. Дохуот кыайан учуоттаммат буоллаҕына, бу босуобуйаны биэрии уонна тохтотуу болдьоҕо эмиэ чуолкайа суох. Онон, дьиэ хаһаайкаларыгар босуобуйа бэриллибэт буолла.

Ол эрээри, дьиэ хаһаайкалара атын да төлөбүрдэргэ тиксэр кыахтаахтар. Үлэлээбэт эр дьоҥҥо эмиэ сыһыаннаах. Холобур, үлэлээбэт киһи кырдьаҕас биэнсийэлээҕи көрөн олорор буоллаҕына, төлөбүрү ылыан сөп. Аймаҕа буолара-буолбата оруола суох. Биэнсийэ пуондатыгар сайабылыанньа биэриэн наада.

Үлэлээбэт дьоҥҥо оҕону балтараа сааһыгар диэри көрөн олоруу босуобуйата икки төгүл улаатта. Саха сиригэр бу кээмэй….

2020 сыл тохсунньутуттан кыаммат ыалларга 3-7 саастаах оҕолорго босуобуйа төлөнөр. Кээмэйэ – 8,7-10,2 тыһыынча солкуобай.

Ону тэҥэ, үлэтэ суох дьахтар төрүүр буоллаҕына, хат буолууга, оҕо төрөөһүнүгэр, оҕону көрөн олорууга төлөбүрдэр эмиэ бааллар. Үлэтэ суох киһи дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турдаҕына, босуобуйа ылар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0