Дьааҥы оройуонугар ойуур уотун буруотун уонна этиҥнээх ардах түмүгэр “күн өллө”

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Дьааҥыга "күн өлүүтэ"

Атырдьах ыйын 8 күнүгэр Дьааҥы улууһун олохтоохторо күн өлүүтүн көрдүлэр. Икки чаас устата күн олоччу киирэн, хабыс-хараҥа сатыылаата. «Айылҕа дьикти көстүүтүн ойуурга турбут баһаар буруотун уонна этиҥнээх ардаҕы кытта ситимнииллэр» диэн СИА иһитиннэрэр.

Дьааҥы улууһун баһылыга Гаврил Чириков СИА кэрэспэдьиэнигэр иһитиннэрбитинэн, күн быстахтык сүтүүтэ ойуур баһаардарыттан ситимнээх. Бу кэмҥэ этиҥнээх ардах эмиэ түспүтэ. Билигин улуус сиригэр-уотугар “Авиалесоохрана” уонна “Якутлесресурс” тэрилтэлэр уоту умуруорууга үлэлииллэр, тиэхиньикэлэрин туһаналлар.

Артемий Грошев, СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0