Дүпсүҥҥэ бырааттыы Шелковниковтар ааттарын үйэтиттилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһугар, Дүпсүҥҥэ, Остуойка учаастакка бииргэ төрөөбүт ини-бии Шелковниковтар ааттарын үйэтитэр искибиэр арылынна.

edersaas.ru

Бу дьиэ кэргэнтэн алта уол — Гаврил, Роман, Егор, Федор, Прокопий уонна Михаил Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан барбыттар. Биэс уол сэрииттэн тыыннаах эргиллибит. Оттон Прокопий сэрии толоонугар охтубут. Уолаттар төрөппүттэрэ, икки эдьиийдэрэ уонна аҕам саастаах аймахтара тыылга үлэлээбиттэр.

Бырааттыы Шелковниковтар ааттарын үйэтитэр санаа былырыын киирбит. Итиэннэ быйыл, Улуу Кыайыы 75 сылыгар, искибиэр тутуллубут.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0