Дөлүһүөнтэн джем (Уҥуоҕун ыраастыыр судургу ньыма)

Бөлөххө киир:

Сайын барахсан тиһэх күннэригэр отонун-тэллэйин дэлэтэн, быйаҥыттан бэрсэр. Ону туһанан, хаһаайкалар сир аһыттан уонна оҕуруот аһыттан араас кэнсиэрбэлэри хаһааналлар. Билигин хас биирдии ыалга барыанньалар, тоҥоруллубут отоннор, тэллэйдэр хаһааныллыбыт буолуохтаахтар.


Битэмииннээх дөлүһүөнү хайдах хаһааныахха сөбүй? Бу отон олус туһалаах эрээри, уҥуохтаах буолан, барыанньалыырга эрэйдээх баҕайы. Ол эрээри, джем оҥорор судургу ньыма баар эбит.

Дөлүһүөнү сууйан, “кутуругун” ыраастаан баран, көстүрүүлэҕэ уу кутан, мөлтөх уокка сымныар диэри оргутабыт. Күүгэнин баһабыт. Сиидэлиибит, уутун туспа уурабыт.

Ол кэнниттэн уҥуоҕун араарыахха наада. Кыра тимир сиидэҕэ кутан баран,  ньуосканан ньыһыйабыт, оччоҕо уҥуоҕа сиидэҕэ хаалар, ону быраҕабыт. Бу биирдиилээн ылгыы олоруохтааҕар, уҥуоҕун ыраастыырга судургу ньыма. Хаһаайкалар дөлүһүөн уҥуоҕун биирдиилээн ыраастыыр хомуйардааҕар уон төгүл ыараханын билэр буолуохтаахтар, онон бу ньыманы туһаныҥ.

Онтон сиидэлэммит пюреҕа били оргуйбут уутун эбэбит.

Салгыы дөлүһүөн бэйэтин ыйааһынын саҕа саахары кутан, хойдуор диэри оргутабыт. Холобур, 1 киилэ дөлүһүөҥҥэ 1 киилэ саахары кутабыт. Сойутан баран, паарынан ыраастаммыт кыра бааҥкаларга кутан, хаппахтыыбыт.

Оҕо иммунитетын бөҕөргөтөргө, тумуулаары гыннаҕына, дөлүһүөн джемэ олус туһалаах. Олус минньигэс амтаннаах. Оттон оҕо джеми, барыанньаны сөбүлээбэт буоллаҕына, сылаас ууга булкуйан, муорус оҥорон иһэрдиэххэ сөп.

Ангелина Васильева бэлэмнээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0