Бырамыысыланнаска — 7500 киһи

Бөлөххө киир:

Билигин дойду үрдүнэн дьон дьадайыытын, дохуота кыччыырын аччатарга Национальнай бырайыак ылыныллан, күүстээх үлэ бара турар. Бэрэсидьиэн Владимир Путин саҥа ыам ыйынааҕы ыйааҕар олоҕуран, хас биирдии киһи хамнастаах, үлэлээх буоларын эрэгийиэннэргэ ситиһиэхтээхтэр. Оттон Саха сиригэр бүгүҥҥү балаһыанньа хайдаҕый?  

Степан Москвитин, СӨ Нэһилиэнньэтэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ: «2018 сыл нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сылынан биллэриллибитэ. Ил Дархан Айсен Николаев  манна улахан болҕомтотун ууран, туох баар былаан, сыал-сорук  ситиһиллибитэ.  2018 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэбитигэр аан бастаан үлэтэ суох дьон уопсай кээмэйэ 7,1 % кыччаан 6,9 % буолла. Бу улахан ситиһии. Өрөспүүбүлүкэҕэ дьарыктаах дьон ахсаата 2,6 % элбээтэ. 2019 сылга Ил Дархан улахан сыал-сорук туруорбута. Ол курдук, “Олохтоох дьону — бырамыысыланнаска” бырайыак чэрчитинэн 7500 киһини үлэҕэ киллэриэхтээхпит. 3500 үлэтэ суох дьону үөрэттэрэргэ үлэ барар. 600 тахса инбэлиит дьону үлэнэн хааччыйыахтаахпыт.

Үлэ биэрээччилэри кытта үлэлэһэн, вакансия баанын тэрийэбит. Онтон туох сөп түбэһэрин булан биэрэбит. Үлэтэ суох дьон босуобуйатын кээмэйин федеральнай киин быһаарар. Быйыл 11500 солкуобайга тиийдэ».

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0