Быйыл орто үөрэххэ элбэх оҕо туттарсыаҕа диэн сабаҕалыыллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл үрдүк үөрэххэ туттарсар оҕо аҕыйах буолуо диэн эспиэрдэр сабаҕалыыллар. Ити туһунан Үөрэҕи уонна науканы кэтээн көрөр федеральнай сулууспа (Рособрнадзор) инстаграмыгар суруйаллар.

edersaas.ru

Коронавируһунан сибээстээн, оскуоланы бүтэрээччилэргэ аттестаттарын орто сыананан туруоран биэртэлээбиттэрэ. Онон биир кэлим эксээмэни үрдүк үөрэххэ киирэр былааннаахтар эрэ туттараллар. Superjob.ru чинчийэр киин порталыгар быһаарбыттарынан, оскуоланы бүтэрэр оҕолор кыра аҥаардара үрдүк үөрэххэ туттарсар былааннаахтар эбит. Бу 10 сыл анараа өттүгэр оскуоланы бүтэрбиттэри кытта тэҥнээн көрдөххө, үс гыммыт биирэ буолар диэн ыйаллар. Ону кытта 11-с кылаас кэнниттэн орто анал үөрэххэ туттарсар баҕалаах оҕо ахсаана эбиллибит диэн этэллэр.

Кэллиэскэ, училищеҕа туттарсар оҕолортон 16 % программист, 12 % сиэстэрэ, 5 % повар, кондитер, 4 % буҕаалтыр, 3 % автомеханик-силиэсэр идэтин баһылыахтарын баҕараллар эбит.

Онтон үрдүк үөрэххэ туттарсааччылартан 21 % быраас, 15 % программист идэтигэр туттарсабын диэбит.

Манна даҕатан эттэххэ, быйыл дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан эрэгийиэннэр үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар, ол иһигэр Саха сиригэр, бүддьүөт миэстэтэ эбиллибитэ. Онон үрдүк үөрэххэ туттарсааччыларга улахан кыах бэриллэр диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0