Путин бүддьүөт миэстэтин туһунан эттэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн үөрэххэ сыһыаннаах кэккэ этиилэргэ тохтоото. Ол курдук, өссө былырыын сүрүннээн эрэгийиэннэр үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар экэниэмикэни сайыннарар хайысхаларыгар бүддьүөт миэстэлэрин элбэтэргэ сорудахтаабыта.

edersaas.ru

Оскуоланы бүтэрээччи 60 бырыһыаныттан аҕыйаҕа суох оҕо үрдүк үөрэх бүддьүөккэ миэстэтигэр киирэрин курдук быйыл эбии миэстэ көрүөхтээхпит”, — диэн эттэ.

Санатан эттэххэ, быйыл Саха сиригэр 7948 оҕо 11-с кылааһы бүтэрэр, итинтэн 6364 оҕо үрдүк үөрэххэ туттарсар санаалаах диэн өрөспүүбүлүкэ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин эбээһинэһин толорооччу Михаил Сивцев иһитиннэрбитэ.

Итини тэҥэ, быйыл оскуоланы бүтэрээччилэри аарымыйаҕа ылыыны тохтотон эрэр туһунан РФ Оборонаҕа министиэристибэтин кытта сүбэлэспиттэрин эттэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0