Быһыы-майгы тыҥааһыннаах, ол эрээри хонтуруолланар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Айсен Николаев «Россия 24» ханаал быһа эпииригэр ойуур баһаардарын умуруорууга тэриллэр үлэ туһунан маннык эттэ.

edersaas.ru.

Атырдьах ыйын 5 күнүнээҕи туругунан, 12 улуус сиригэр-уотугар холбоон 1 786 гектар сири хабар 18 ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ ыытыллар. Онтон алта улууска 966 гектардаах тыаны хаппыт 7 баһаар бохсулунна. Баһаары умуруорууга барыта 754 киһи уонна 69 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.

Хомойуох иһин, атырдьах ыйын да саҕаланыытыгар хотугу улуустарга бэрт куйаас буолла, — диэтэ Ил Дархан. – Үгэс курдук, баччаларга ити улуустарга +10 – +15 кыраадыс сылаас буолара эрээри, + 30 кыраадыстан түспэккэ турар. Эбиитин өр кэм устатыгар ардаабата, ол түмүгэр Орто Халыма, Томпо уонна Муома улуустарыгар билигин быһыы-майгы тыҥааһыннаах. Уоту умуруорууга ити дойду уратыта, суола-ииһэ суох бадарааннаах маардара элбэҕэ мэһэйдиир, бэл, дьоҕус даҕаны тиэхиньикэ кыайан сылдьыбат. Ол иһин, баһаарынньыктар уонна кинилэргэ көмөлөһөөччүлэр мотуордаах эрбиинэн, уу мотуорунан сэбилэнэн үлэлээннэр, уот нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһаабатын хааччыйаллар. Ойуур баһаарын утары охсуһууга балачча үп көрүллүбүтэ, кэккэ улуустарга баһаардар түргэнник бохсуллан, Авиалесоохрана уонна ЫБММ байыастара ордук уустук учаастактарга көһөрүллэн үлэлии сылдьаллар. Онон, быһыы-майгы барыта хонтуруолланар, уот нэһилиэнньэлээх пууннарга суоһаабат. Чугастааҕы күннэргэ баһаар бохсуллуо диэн эрэнэбит.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0