Булгунньахтаахха хас да киһини, ол иһигэр, оҕону өлөрдүлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах сэлиэнньэтигэр итирик киһи ыалларын ытыалаан баран, бэйэтигэр тиийиммитин туһунан ЯСИА иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

ЯСИА суруйарынан, Дьокуускайтан тиийэ сылдьар киһи тэлгэһэтигэр итирик тахсан, биэс киһини, ол иһигэр, 11 саастаах оҕону, саанан ытыалаан өлөртөөн баран, бэйэтин ытыммыт.

Эмсэҕэлээбит иккис оҕо балыыһаҕа киллэриллибит.

Билигин быһылаан сиригэр суһал-силиэстийэлиир бөлөх үлэлиир.

Силиэстийэ уорганнарыттан официальнай иһитиннэриини хойутуу биэриэхпит.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0