Бу ыарыһахтар ханна эмтэнэллэр?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэнники кэмҥэ доруобуйа харыстабылыгар өрөспүүбүлүкэ салалтата улахан болҕомтотун уурар буолбута махталлаах.

Ол курдук, биир кэмҥэ киһи барыта харах ыарыытыгар маассабайдык ыллара сылдьыбыта. Онуоха харах балыыһатын кэҥэтэн, саҥа ньымалары баһылаан, эпэрээссийэни ситиһиилээхтик оҥорор буоллулар. Онон бу ыарыы туһунан саҥа-иҥэ намыраата. Аны билигин сүрэх-тымыр уонна искэҥ ыарыыларын утары охсуһуу күүһүрдэ. Аналлаах балыыһалар тутуллар буоллулар. Дьэ, бу маны сэҥээрэн, биһирээн туран, аны билигин элбэх киһи эрэйи көрөр биир маассабай ыарыытын туһунан боппуруоһу көтөҕөөрү суруйабын. Ол – сүһүөх, уҥуох ыарыыта! Көрө-билэ сырыттахха, бу ыарыы кэлин олус маассабай буолла. Бу ыарыыга идэтийбит быраастар аҕыйахтар.

Ыарыһахтар онно-манна эмтэнэр курдуктар да, үтүөрбүт киһи көстүбэт. Элбэх киһи сылы быһа дьиэтиттэн тахсыбакка, бу ыарыыга хам ылларан олороро элбээтэ. Мин санаабар, бу ыарахан ыарыыны эмтиир аналлаах киин суох. Уобаластааҕы балыыһа иһинэн баар ортопедическай отделение эпэрээссийэлэнэр эрэ ыарыһахтары ылар. Тастан кэлээччилэри төлөбүрдээх көрөллөр. Эмиэ маннык ревматология отделениета баар да, улахан уочарат уонна ревматизмнаах дьону эмтииллэр.

Поликлиникаларга ортопед, ревматолог-быраас диэн суоҕун кэриэтэ. Чааһынай төлөбүрдээх поликлиникалар эрэ көрөллөр. Төлөбүрдэрэ олус ыарахан. Дьадаҥы киһи уйунар кыаҕа суох. Онно да саҥа ньыманы туттубаттар.

Дьэ, маннык балаһыанньаҕа бу ыарыһахтар ханна учуокка туран эмтэниэхтэрэй? Үгүстэр “бэйэлэрэ эм­­тиэкэ” буолан, онон-манан маас­таан хайыы сатыыллар да, туһа суох. Маннык дьону дэлби хамсаныҥ, сүүрүҥ дииллэр да, ол сүһүөхтэрин уута, өҥүргэһэ бүппүт дьон хантан хамсаныахтарай?

Мин манан этээри гынабын, сүһүөх, уҥуох ыарыытын эмтиир биир улахан киин наада буолла. Дьиҥинэн, онно саҥа ньымалары баһылаан, ыарыһахтары учуокка ылан эмтээтэххэ эрэ кыаллыаҕа.

Ол кииҥҥэ бу салааҕа үчүгэй исписэлиистэри түмэн, үөрэттэрэн дьону бу ыарахан ыарыыттан быыһыахха! Инники көлүөнэҕэ бу киһини бохсор, эрэйгэ тэбэр ыарыыны хаалларымыахха!

Анна Алексеева,

биэнсийэлээх суруналыыс.

Хаартыска: ru.dreamstime.com

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0