Бордоҥнор ходуһаҕа быйыл да эрдэ киирдилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһа 34 100 т оту оттуур былааннаах, ити иһиттэн тэрээһиннээх, бөдөҥ хаһаайыстыбалар 10 890 туоннаны оттуур сорудахтаахтар.

edersaas.ru

Быйыл от үүммэтэ диир табыллыбат. Саас хайа да сыллааҕар икки нэдиэлэнэн эрдэлээн кэлбитэ уонна ыам ыйыгар халлаан 30 кыраадыска тиийэ сылыйбыта, от-мас көҕөрүүтэ эрдэ биллибитэ. Бэс ыйыгар от саамай үүнэр кэмигэр иккитэ иккилии күн уһуннук ардаан баран, күүскэ сылыйан, от хамсыы-хамсыы үүммүтэ. Бүлүүтээҕи ГЭС ити күннэргэ өрүскэ ууну толору ыытан, салаа үрэхтэр уулара ходуһалары угуттаабыта. Билигин өрүс түһэн, ол ходуһаларыттан уу түстэ.

От эрдэ ситэн, быйыл эрдэ оттоон эрэбит. Хас биирдии нэһилиэккэ хотуурдарын эрдэ тыаһатар ыаллар бааллар. Холобур, Бордоҥҥо Руслан Михайлов уола Рудольфтуун бөһүөлэк тулатынааҕы икки ходуһатын от ыйын 5 күнүгэр охсон бүтэрбиттэрэ. Бу күннэргэ мунньан, престээн чөкөттүлэр. От ыйын 15 күнүттэн ыраах ходуһаларыгар барыахтара. Наар тиэхиньикэнэн оттуур буоланнар, куйаас күннэргэ тутуу былдьаһан, эрдэ оттоон бүтэллэр.

Мин бүһүөлэктэн чугас Оҕус Элгээнэ диэн үс гектардаах ходуһабын киһини кэпсэтэн оҕустарбыппын, сиэн күтүөтүм Эрнистиин уонна кэргэмминээн мустаран, бугуллаатыбыт. Сөрүүн, үөнэ-көйүүрэ суох күннэр үүнэннэр, оттуурга тоҕоостоох буолан, киэһээҥэ диэри үлэлээн, ходуһабыт бугулунан, охсуллубут от мүөттээх сытынан туолла. Ситинник тыа ыала окко күүскэ туруннубут.

Борис Потапов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0