БИЛГЭ: Күүстээх ардах, тоҥоруу

Бөлөххө киир:

Гидрометеосулууспа Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэринэн, бэс ыйын 6 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ арҕаа уонна соҕурууҥҥу-арҕаа оройуоннарыгар күүстээх ардах түһэрэ күүтүллэр.

edersaas.ru


Ардах түһэр кэмигэр сөкүүндэҕэ 13-18 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөҕэ. Өрөспүүбүлүкэ киин, соҕуруу өттүгэр итиэннэ Кэбээйи, Уус Маайа улуустарыгар этиҥнээх ардах, сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрин сабаҕалыыллар. Бу этиллибит улуустарга бэс ыйын 7-8 күннэригэр халлаан тымныйыа.

Бэс ыйын 7 күнүгэр илин эҥээр, Томпо улуустарыгар этиҥнээх ардах түһэрин билгэлииллэр. Бэс ыйын 8 күнүгэр киин уонна арҕаа улуустарга 2 кыраадыска диэри тымныйыа.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0