Биэнсийэ эрдэлээн төлөнүөҕэ

Бөлөххө киир:

Биэнсийэ пуондата муус устар ый бастакы аҥаарыгар төлөнүөхтээх биэнсийэни урутаан ыытта.

Дойду үрдүнэн биллэриллибит уһун өрөбүл күннэринэн сибээстээн, биэнсийэлэри уонна атын социальнай төлөбүрдэри эрдэ төлүүргэ быһаардылар. Онон Дьокуускай уонна хотугу улуустар биэнсийэлээхтэрэ биэнсийэлэрин эрдэ ылыахтара. Бу коронавирус дьаҥа тарҕамматын туһугар ылыллыбыт миэрэлэр.

Билиҥҥи туругунан, «Сбербаан» уонна «Россельхозбаан» харчыларын түһэрдилэр. Муус устар 12 күнүн кэнниттэн төлөнүөхтээх биэнсийэлэр болдьохторугар төлөнүөхтэрэ. Буоста нөҥүө бэриллэр биэнсийэлэр түһэр болдьохторугар, муус устар 5 күнүттэн саҕалаан, төлөнүөхтэрэ диэн Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Муус устар ыйга 4939 сэрии, тыыл бэтэрээнигэр Кыайыы 75 сылынан биирдэ бэриллэр төлөбүрдэрэ (75 уонна 50 тыһыынча солкуобай) уонна РФ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан сыл аайы ылар 10 тыһыынча солкуобайдара биэнсийэлэрин кытта тэҥҥэ түһүөҕэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0