Бэс ыйыгар хас да күн өрүүбүт

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 12 күнэ — Арассыыйа күнэ. Үлэлиир дьон үс күн өрүүллэр, бэс ыйын 12 күнүттэн 14 күнүгэр диэри. Чэппиэргэ, бэс ыйын 11 күнүгэр, үлэ бириэмэтэ биир чааһынан кылгаан биэрэр.

edersaas.ru

Бэс ыйын 21 күнэ —  Ыһыах күнэ.  «О дополнительных нерабочих праздничных днях в Республике Саха (Якутия)» сокуоҥҥа олоҕуран, бу күн өрөбүл күнүнэн ааҕыллар. Бу сырыыга бэс ыйын 21 күнэ өрөбүлгэ  түбэһэринэн,  бэс ыйын 22 күнүгэр эмиэ сынньанабыт.

Быйыл бэс ыйын 24 күнүгэр өрүүр буоллубут.  Ол курдук, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этиитинэн,  бэс ыйын 24 күнүгэр Москваҕа уонна атын куораттарга Кыайыы параада ыытыллар.

 

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0