Бүддьүөт миэстэтигэр хайдах киирэбит? (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Бүддьүөт миэстэтигэр хайдах киирэбит?” диэн ыйытыыга СӨ идэҕэ бэлэмнээһин урутаан иһэр киинэ (ЦОПП) ыытар иккис вебинарыгар быһаардылар.

edersaas.ru

Ол курдук иккис вебинарга биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттарабын дуу, суох дуу; докумуону туттарыы болдьоҕо, ньымата; ирдэнэр докумуоннар; тус ситиһии; алын баал; үөрэххэ киирэр баал, уо.д.а. ыйытыыларга хоруйдары биэрдилэр.

Вебинар кэмигэр быһаарбыттарынан, докумуону икки көрүҥүнэн биэриэххэ сөп:

Бастакытынан, онлайн (үрдүк үөрэх ИС нөҥүө). Хас биирдии үрдүк үөрэх бэйэтэ анал саайтаах. Онно “личнэй кэбиниэт” арынаҕыт. Уонна ол кэбиниэтинэн онлайн ыытаҕыт.

Иккиһинэн, судаарыстыбаннай өҥө (Госуслуги) портал “Поступление в вуз онлайн” диэн саҥа сервис оҥоро сылдьарын иһитиннэрдилэр. Бэс ыйыттан үлэтин саҕалыаҕа диэтилэр.

Медицинскэй ыспыраапканы күһүн үөрэххэ киирдэххитинэ докумуон дьиҥнээҕин (оригинал) туттараргытыгар биэрэҕит диэн быһаардылар.

СӨ идэҕэ бэлэмнээһин урутаан иһэр киинэ (ЦОПП) “Бүддьүөт миэстэтигэр хайдах киирэбит?” диэн вебинарын видеотун манна көрүҥ https://www.youtube.com/watch?v=UZJ0XrAZiN4

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ТюмГу

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0