Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

СӨ бырабыыталыстыбата, идэлээх сойуустар федерациялара уонна “Табаары оҥорон таһаарааччылар сойуустара” үс өрүттээх сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.

edersaas.ru



Сөбүлэһии чэрчитинэн, от ыйын 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ (МЗП) 17 388 солкуобайынан олохтонно. Ол эбэтэр, былырыыҥҥыттан 3,4% үрдээтэ (16 824 солк. этэ). Бу саҥа кээмэй өрөспүүбүлүкэҕэ 2017 сыл бастакы кыбаарталыгар олохтоммут үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ тиийинэн олорор алын кээмэйигэр сөп түбэһэр.

Үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) федеральнай сокуон быһыытынан, от ыйын 1 күнүттэн 7800 солк. тэҥнэһиэҕэ. Ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи хамнас алын кээмэйэ (МЗП) федеральнай үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) 2,2 төгүл куоһарыаҕа.

Саха сиригэр кэнники алта сылга хамнас алын кээмэйин анаан сыал-сорук оҥостон, кэнсиэпсийэни олоххо киллэрэн, үрдэтэллэр. Ол курдук, ити кэм устата 6614 солкуобайтан 17388 солкуобайга диэри, 2,6 төгүл үрдээтэ.  Арассыыйаны ылан көрөр эбит буоллахха, МРОТ 4611 солкуобайтан 7800 солкуобайга диэри, 1,7 төгүл үрдээтэ.

Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара ааҕылларыгар, үлэ бириэмэтин уонна нуорматын аһара толорбуттарга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эбии үп, 310,7 мөл. солк. көрүллүөҕэ. Ити өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн үбүлэнэр, олохтоох тэрилтэлэргэ сыһыаннаах. Онон бу уларыйыынан сибээстээн, сүрүннээн, кыра дохуоттаах техническэй үлэһиттэр: вахтердар, остуорастар, оробуочайдар, муоста сууйааччылар, барыта 23 тыһыынча кэриҥэ киһи, хамнастара үрдүөҕэ.

Социальнай-үлэ сыһыаннаһыыларын үс өрүттээх хамыыһыйатын мунньаҕар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин 2014 сылтан хамнас алын кээмэйэ сыллата үрдээн, тиийинэн олоруу алын кээмэйин кытары сөп түбэһэн иһэр диэн эттэ.

Атыы-эргиэн бырамыысыланнай балаататын бэрэсидьиэнэ, дьокутаат Владимир Членов Уһук Хоту улуустарыгар бородуукта, табаар сыаната ыараханынан, дьон өйөбүлгэ наадыйарын бэлиэтээтэ. Үлэни биэрээччилэр регионнааҕы холбоһуктарын бэрэссэдээтэлэ, “Якутия” авиахампаанньа дириэктэрэ Ольга Федорова урбаанньыттар социальнай эппиэтинэстэрин үрдэтэр туһунан эттэ. Оттон Идэлээх сойуустар федерацияларын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев болдьоҕун арыый инники көһөрөргө этии киллэрдэ.

Евгений Чекин маннык этиилэр наадалаахтарын ыйда. “Сөбүлэһиигэ илии баттаатыбыт, ол эрээри үлэ сыл бүтэһигэр буолбакка, тута саҕаланан барыахтаах”, — диэн кини тоһоҕолоон эттэ.

Үс өрүттээх сөбүлэһиигэ Евгений Чекин, Николай Дегтярев уонна Ольга Федорова илии баттаатылар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0