Арктикатааҕы университет Өлүөхүмэҕэ мас үүннэрэр «питомник» арыйан эрэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Билигин ханна баҕарар сир баайын хостууллар. Ол кими даҕаны соһуппат. Оттон бэйэлэрин кэннилэриттэн айылҕаны төһө чөлүгэр түһэрэллэрэ – ол боппуруос. Быйылгыттан сир баайын хостуур тэрилтэлэр сири чөлүгэр түһэриэхтээхтэр диэн федеральнай сокуон ылыллыбыт. Маныаха бастакы “питомнигы” Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өлүөхүмэ улууһугар арыйан эрэр.

edersaas.ru

Саха сиригэр бу иннинэ маһы үүннэриинэн дьарыктаныы суоҕа. Онон Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университет (АГАТУ) бастакы хараҥаччынан буолар. “Питомникка” анаан Солянка сэлиэнньэтигэр 4,2 га иэннээх сири көрбүттэр.

Арктикатааҕы университет ректора Иван Слепцов: “Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин этиилэрбитин тута өйөөбүтэ. Инньэ гынан, бырайыак олоххо киирэн эрэр. Тэпилииссэлэри туруоран, сирин бэлэмнээн от ыйыттан үлэ саҕаламмытынан барыаҕа.

Быйылгыттан федеральнай сокуон үлэлээн эрэр. Онно олоҕуран, сир баайын хостуур тэрилтэлэр, ойууру солооччулар баай хара тыаны сөргүтэргэ, мас олордорго үлэлэһиэхтээхтэр. Ол сөргүтүүлэрэ быйылгыттан булгуччулаах.

Биһиги университеппыт Өлүөхүмэттэн сир көрдөрөн, сиэмэнэн мас олордуутунан дьарыктанан эрэр. Билиҥҥитэ тиит уонна бэс диэн былаанныыбыт. Университет бэйэтин күүһүнэн үлэлиир. Биллэн турар, тута барытын олоххо киллэрэр кыаллыбат, түһүмэхтэринэн барыаҕа. Кыаҕын толору ыллаҕына, бырайыак быһыытынан сылга 3 мөлүйүөҥҥэ тиийэ маһы олордуохтаахпыт. Бүддьүөттэн үп-харчы көрдөөбөппүт.

Өлүөхүмэ айылҕата сымнаҕас. Уонна Саха сирин соҕурууҥҥу өттүгэр сир баайын хостооччулар элбэхтэр.

Маһы олордууга Өлүөхүмэ улууһа эмиэ интэриэстээх. Бастатан туран, саҥа үлэ миэстэтэ тахсар. Иккиһинэн, кыра да буоллар, нолуок киирэр. Үсүһүнэн, айылҕата чөлүгэр түһэр. Онон биһиги университеппыт дойдубут, ыччаппыт, айылҕабыт туһугар үлэлиир”, — диэн кэпсиир.

Сокуон олоххо киирэн үлэлээн бардаҕына, бүтүн Сахабыт сирин айылҕата чөлүгэр түһүөхтээх.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0