Арҕахтаах нэһилиэгэ ууга барар кутталлаах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Орто Халыма Арҕахтаах нэһилиэгэр уу таһыма тахсан, 23 тиэргэн ууга барда диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 


«Арҕахтаах сэлиэнньэтигэр уу таһыма нуорматтан 44 см үрдээтэ. 92 киһи олорор дьиэтин тиэргэнэ ууга барда. Кинилэр ортолоругар 31 оҕо баар. Дьиэлээхтэр аймахтарыгар көстүлэр. Быстах кэмҥэ дьону олордор пууннар үлэлииллэр»,-диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу күннэргэ Халыма өрүс уутун таһыма үрдүүрэ бэлиэтэнэр.

Санатан эттэххэ, быйыл уу таһыма үрдээн дьон олорор 58 пууна, 2696 дьиэ тиэргэнэ уонна 1427 олорор дьиэ ууга барда.

Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0