Айсен Николаев: “Үөрэх дьылын эрдэ түмүктээһин сурах эрэ буолар”

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев тэлэбиисэринэн быһа сибээскэ таҕыста. Быһа сибээс кэмигэр Дьокуускай куораттан көрөөччү: “Билигин оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэнэллэр. Ол эрээри, үөрэх дьыла муус устар бүтүүтэ түмүктэнэр үһү диэн сурах тарҕанна. Чахчы оннук дуо?”, — диэн ыйытыы биэрдэ.

edersaas.ru

Маныаха Ил Дархан дистанционнай үөрэх уонна үөрэҕи болдьоҕун иннинэ түмүктээһин туһунан элбэх ыйытыы киирэрин эттэ. “Бу билиҥҥитэ сурах эрэ буолар. Бу өттүгэр чопчу ханнык даҕаны быһаарыы суох. Төттөрүтүн, ыраахтан олорон үөрэниини уһатар туһунан санаа баар. Уонна оҕолор үөрэх бырагырааматын барытын үөрэтэллэрин туһугар, үөрэх дьыла уһаан биэриэн сөп. Дойду маннык быһаарыныыны ылыныан сөп. Тоҕо диэтэххэ, билигин көннөрү балаһыанньа буолбатах. Дойдуга өссө хаһан даҕаны маннык балаһыанньа буола илик. Онон үөрэхтэн саҕалаан, доруобуйа харыстабылын күннээҕи үлэтигэр тиийэ араас боппуруостар күөрэйэллэр”, — диэн эттэ.

Онон билигин ыраахтан олорон үөрэтии барарын, онно бэлэмнэрин иһитиннэрдэ. Арай, хотугу улуустарга уустуктар баалларын ыйда. Маныаха туспа быһаарыылары ылыаныахтарын, онтон атын улуустарга ыраахтан олорон үөрэнии (дистанционно) ыытылларын эттэ.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0