Айсен Николаев 2024 сылга диэри Саха сирин сайдар соруктарын ыйда

Бөлөххө киир:

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ отчуот кэмигэр 2024 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ сайдар соруктарын ыйда. 

«2019 сыл 2024 сылга диэри хайысхаларынан сайдар соруктар быһаарыллалларыгар олук уурда. Ол иһигэр территориальнай сибээстэһиини бөҕөргөтүү, төрүт салаалар экэниэмикэлэрин үрдэтии баар. Бу барыта урбаан, оҥорон таһаарыы, социальнай өҥөлөр тупсалларын туһугар буолар«, — диэн Айсен Никоалев эттэ.

Маны таһынан, Ил Дархан 2024 сылга диэри экология, үөрэх, тыа хаһаайыстыбата, цифровой сайдыы сыаллара уонна соруктара ыйааҕынан быһаарыллыбыттарын бэлиэтээн эттэ.

«Ааспыт сылга бырабыыталыстыба үлэтэ ылыныллыбыт былааннары, ол иһигэр судаарыстыба сыалламмыт бырагыраамаларын олоххо киллэрэргэ туһуламмыта — уон национальнай бырайыак иһинэн 46 эрэгийиэннээҕи бырайыакка. Тырааныспар уонна энергетика инфраструктуратын, доруобуйа харыстабылын, үөрэх, дьиэлээх буолуу, суол тула улахан үлэ дойду салалтатын, федеральнай былаас уорганнарын кытта буолбута«, — диэн Ил Дархан эбэн эттэ.

СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0