Айсен Николаев Уһук Илини сайыннарыы ыйаах туһунан кэпсээтэ

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 26 күнүгэр Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаабыта. Бу суолталаах докумуон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олус күүтүллүбүт уонна наадалаах буоларын Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Владимир Владимирович Путин бу ый 26 күнүгэр Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр өр күүтүллүбүт уонна наадалаах ыйаах. Тоҕо диэтэххэ, былырыын Судаарыстыбаннай сэбиэт оробуочай бөлөҕө РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлээммит бу бырагырааманы бэрэсидьиэн көрүүтүгэр балаҕан ыйыгар ыытыллыбыт Илиҥҥи форумҥа киллэрбиппит. Форум түмүгүнэн бэрэсидьиэн сөптөөх уураахтары таһааран, үлэ барда.

Бу ыйаах чэрчитинэн үс ый иһигэр Арассыыйа бырабыыталыстыбата Уһук Илин сайдыытын национальнай бырагырааматын бигэргэтиэхтээх. Онно көннөрү бигэргэтээһин буолбатах, үбүн-харчытын көрөн, кэлэр сылларга бырагыраама үлэлиэхтээх уонна толору хааччыллан, Уһук Илин дьонун-сэргэтин олоҕо тосту уларыйыахтаах диэн. Ол курдук, билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр дьон олоҕун орто сааһа 73 саас буоллаҕына, 78 буолуохтаах, өлүүнү кыччатыы, доруобуйа харыстабылын, үөрэҕирии, култуура хаарбах тутууларын өрөмүөннээһин буолуо. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 350-тан тахса эбийиэк хаттаан тутуллуохтаах эбэтэр толору саҥардыллыахтаах. Бу ыйаахха баарынан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биир саамай улахан сыал — кэлэр сылларга хаарбах тутуу уопсай кээмэйин үс аҥаар төгүл кыччатыы. Хаарбах дьиэни суох гынааһын бырагыраама салгыы үлэлиэхтээх. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр даҕаны, туох баар Уһук Илин үрдүнэн даҕаны үс аҥаар төгүл кыччыахтаах диэн улахан сыыппара турда.

Эбэн эттэххэ, магистральнай инфраструктура бырайыактарын өйөөһүн туһунан пуун баар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит саамай сүрүн эбийиэгэ – Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста итиннэ киирбитэ. Билигин оҥоһуллубут бырабыыталыстыба бырайыагын барылыгар ити муостабыт баар, ол иһин биһиги онно улаханнык эрэнэбит. Кэлэр ыйдарга үлэ түмүгүнэн, бырагыраама бигэргэннэҕинэ, хайаан даҕаны Өлүөнэ муостата баар буолуоҕа.

Өссө төгүл тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын, бу бырагыраама ылылларыгар, бу ыйаах тахсарыгар биһиги дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин кырдьыктыы Уһук Илини сайыннарар былааннааҕын, дьонун-сэргэтин өйөөн, бу курдук наадалаах, уонунан сылы инникини көрөн, улахан ис хоһоонноох бу докуомуоннары таһаарарыттан мин олус үөрэбин уонна, чахчы, биһиги туруоруммут былааннарбыт бу ыйаах тахсыбытын кэнниттэн олоххо киириэхтэрэ диэн эрэлбит өссө улаатта.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0