Аймаҕынан волейбол оонньоотулар

Бөлөххө киир:

Саҥа дьыллааҕы өрөбүллэргэ Таатта улууһугар үгэскэ кубулуйбут  аймаҕынан волейбол күрэхтэһиитэ буолан ааста. Икки күннээх сыралаах күрэхтэһиигэ уопсайа 20 хамаанда 11 нэһилиэктэн кыттыыны ылла.

Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн  бастакы мистэҕэ Турниннар дьиэ кэргэн, иккис миэстэҕэ Жерготовтар дьиэ кэргэн, үһүс миэстэҕэ Тарасенко дьиэ кэргэн таҕыстылар.  «Бастыҥ оонньооччу» Иван Чехордун,  «Бастыҥ быһааччы» Айсен Жерготов, «Туһалаах оонньооччу» Ира Тарасенко, «Бэтэрээн оонньооччу» Семен Хаптагаев, «Бастыҥ көмүскээччи» Роман Мухин, «Бастыҥ оонньотооччу»  Анжела Жерготова буоллулар.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0