Агафья сүбэтэ: оҕуруоту сайын көрүү-истии уратылара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Биһиги балаһабыт эрэллээх дьүөгэтэ, Ньурба улууһун Антоновкатыгар олорор Агафья Тарасова оҕуруоту баччаларга хайдах көрөргө-истэргэ маннык сүбэлиир.


Ардах абырала

Айылҕа барахсан биэрэр уйгута киһи илиитинэн таһан кутар уутун курдук буолуо дуо, оҕуруот аһын силиһин дириҥҥэ диэри сиигирдэр.

Онон, ардах кэнниттэн үүнээйилэри эбии аһатан баран, тиэргэн отун хотуурунан охсон, тэпилииссэ кирээдэлэрин буоругар саба уурдахха, тото аһаабыт буор барахсан итиитин биэрэн үүнээйи биирдэ тоҕо биэрэн үүнэр.

Хоннохтооһун элбэҕи быһаарар

Баччаларга сорох култуура, сүрүннээн, помидор уонна оҕурсуу, астарын биэрбэккэ, биир кэм үүнэн сараадыйа турар идэлээхтэр. Ону көрө сылдьан, хос (хоннох) лабааларын сарбыйан биэриллэр, маны атыннык хоннохтооһун дэнэр.Ону таһынан алларааҥҥы икки-үс сэбирдэхтэрин ылан кэбиһиллэр. Ити салгын үчүгэйдик хамсыырын итиэннэ буортан араас үөн-көйүүр ыамата тарҕамматын хааччыйар.

Помидор буор көпсөркөйүн сөбүлүүр

Кэмиттэн кэмигэр помидор тулатын буорун көбүтэн биэрэ сылдьыллар уонна хортуоппуй курдук, умнаһын төрдүн буорунан томточчу көмүллэр. Маннык ньыма ууну кирээдэ икки ардынан халытан кутарга табыгастаах, итиэннэ эбии силистэр үүнэн, үүнээйини бөҕөргөтөллөрүгэр көмөлөһөр. Аһын кэмигэр биэрэрин туһугар помидор төбөтүн сарбыйыллар, сэбирдэҕин хонноҕуттан үүнэн тахсар умнас лабаа түөрт-алта сантиметр уһаата даҕаны тоноон ылыллар. Кылгас угу сарбыйыллыбат, алларааҥҥы эрэ сэбирдэхтэр хоннохторун тууруллар. Онуоха адьас төрдүттэн тосту тардан ыллахха, ол сиртэн хоннох үнүгэс хаттаан үүнэр. Ити иһин биир сантиметр төрдүгэһи хаалларыллар.

“Кырдьыбыты” эдэригэр түһэриллэр

Оҕурсуу киин умнаһа уһаан эрэр кэмигэр икки ойоҕос умнаһы утуу-субуу үүннэриллэр. Бу ойоҕос лабааттан сөптөөх аһы ыллахха, аллараа түһэрэн, төбөтүгэр баар икки сэбирдэҕин үөһээ тутан баран боробулуоханан туттаран, буорунан көмөн кэбиһиллэр. Оччоҕуна, силис тардан саҥа ук үүнэр итиэннэ улаатан истэҕин аайы ас бөҕөнү биэрэр. Оттон били хаалбыт киин умнаһын сэрэнэн быһан быраҕыллар.
Итии тэпилииссэҕэ тымныы ууну куттахха, эбэтэр кураанах сибэккитэ наһаа элбэх түбэлтэтигэр, эбэтэр сэбирдэхтэрин аһары быстахха, оҕурсуу амтана уларыйан хаалар, аһыы буолар. Оттон буорун олус куурдан баран, ууну эмискэ куттахха, сүрүн умнаһа устатынан хайа баран хаалар. Ити иһин ууну эрэсиими тутуһан итиэннэ сөбүгэр сылааһы кутуллар. Ас биэрбэт кураанах сибэккилэрин бэрт аҕыйаҕы ордорон баран, тоноон кэбиһиллэр. Аны силиһэ үөһэнэн сыыллан, тэнийэ үүнэр буолан, ууну оруобуна умнаһын төрдүгэр буолбакка, ыраахтан төгүрүччү кутуллар. Наар төрдүгэр эрэ кута сырыттахха, ууну иҥэриммэккэ силиһэ ыалдьан саһаран барар, сэбирдэхтэрэ хатар. Уу кэмчи түбэлтэтигэр тиэргэн тула үүнэр оту, сиэмэтин биэрэ илигинэ, хотуурунан охсон киллэрэн уктар анныларынан саба уурдахха, сиигин өр тутар. Кэмиттэн кэмигэр ол оту эргитэн биэрэн кыратык салгылатыллар.

Төрүт ардахтатымаҥ

Дьэдьэҥҥэ, клубникаҕа ууну сэбирдэхтэрин аннынан кутуллар. Үөһээнэн ыстардахха, сибэккитэ сиигирэн, саҥа астанан иһэн сытыйар биитэр сатаан куоппаһырдыллыбат. Биир ийэ уктан биэс бастакы «бытыгы» эрэ улаатыннарыҥ, онтон элбэҕи ыыттахха, күүһэ тиийбэккэ аҕыйах аһы биэриэҕэ. Элбээтиннэрэр буоллахха, ол «бытыктары» тута сиргэ көмөн кэбиһиҥ, силиһэ үчүгэйдик сайыннаҕына, күһүн саҥа кирээдэҕэ көһөрөөрүҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0