Афоня «көмө астан» үөрдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ элбэх оҕолоох уонна кыаммат ыаллар оҕолоругар оскуолалар көмө ас түҥэтэн эрэллэр.

edesaas.ru

Кэбээйи Мукучутун элбэх оҕолоох ыаллара Мария уонна Адольф Андросовтар дохуоттара кыратын учуоттаан, олохтоох гимназия педкэлэктиибэ көмө ас (сухой паёк) биэрбититтэн олуһун үөрдүлэр.

7 кылаас үөрэнээччитэ Афоня Андросов билигин, өрөспүүбүлүкэ бары үөрэнээччилэрин курдук, дьиэтигэр тэйиччи олорон үөрэнэр.

Онон кини»сухой паёга» эмиэ дьиэлэригэр олорор элбэх оҕолоох ыалга төһүү өйөбүлүнэн буолуоҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Андросовтар дьиэ кэргэн архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0