Абыйга быыбардааһын көхтөөхтүк барар

Бөлөххө киир:

Арктикатааҕы быыбардыыр уокурукка Ил Түмэн дьокутаатын болдьоҕун иннинэ быыбарыгар болдьоҕун иннинэ куоластааһын буолан эрэр. Абый  оройуонугар сэттэ быыбардыыр учаастак баар.

Олохтоох бириэмэнэн күнүс 12.00 чааска 3009 киһиттэн 744 олохтоох куоластаата. Ол эбэтэр — 24,73%. Куоластааһын сарсыарда 08:00 чаастан киэһэ 20:00 чааска  диэри буолар.

Усуйаана оройуонугар быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Шагельди Исмайылова иһитиннэрбитинэн, сарсыарда 10.00 чаастан 198 киһи куоластаабыт. Куоластааһын түмүгүнэн, бу сыыппара 317 куоластааччыга тэҥнэһэр. 6,9% көрдөрөр. Билиҥҥи туругунан, куоластааһын үрдүк бырыһыанын Абый оройуона көрдөрөр — 10,67%. Саамай намыһах бырыһыаны Аллайыаха оройуона көрдөрөн иһэр — 4,59%.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0