Аҕа хапытаалын олохтуурга этии киирдэ

Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа Аҕа хапытаала диэн баар буолуон сөп. Бу туһунан Уопсастыбаннай балаата дьиэ кэргэни, ийэлэри, оҕолору өйүүр хамыыһыйата этии киллэрдэ.

Түөрт игирэлээх, биэс оҕолоох Платоновтар.

Аҕа хапытаалын биэрэр усулуобуйалара маннык эбит: үһүс оҕо төрүөхтээх, оҕолор бары биир дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээхтэр, ийэлээх аҕалара сокуонунан холбоспут буолуохтаахтар.

Кээмэйэ Ийэ хапытаалын кытары тэҥ буолуохтаах диэн этэллэр. Санатар буоллахха, федеральнай Ийэ хапытаала иккис оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр, 2017 сылтан кээмэйэ улааппакка турар – 453 тыһ. солк.

Манна даҕатан эттэххэ

Билигин да элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыба өттүттэн улахан көмө оҥоһуллар.

Холобур, бастакы оҕоҕо (2019 сылга төрөөбүт буоллаҕына) — 33 812 солкуобай биирдэ бэриллэр.

Иккис оҕоҕо – федеральнай Ийэ хапытаала (453 тыһ. солк.) уонна эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын быһыытынан 135  907 солкуобай бэриллэр, ону тэҥэ, 6%-наах чэпчэтиилээх ипотека.

Үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо – Саха сиринээҕи Ийэ хапытаала (140 тыһ. солк.), 3 сааһын туолуор диэри ый аайы 16 906 солкуобай төлөнөр. Ону тэҥэ, ипотека сууматыттан 450 тыһыынча солкуобай  сотуллуон сөп (cокуон барыла олоххо киирэн эрэр). Аҕа хапытаала олоххо киирдэҕинэ, эбии  453 тыһ. солк. ылыахтарын сөп.

Оччотугар, билигин дьиэ кэргэн үс оҕотугар (2019 сылтан бэттэх төрөөбүт буоллахтарына) судаарыстыбаттан  сокуонунан көҥүллэммит 1,8 мөл. солкуобайдаах көмөнү ылар кыахтаах (Аҕа хапытаалын ааҕар буоллахха, 2,2 мөл. солк.  ылыахтарын сөп)! Манна эбии өссө биирдэ бэриллэр, кыра суумалаах, ыйдааҕы босуобуйалары, ийэ «дэкириэтин» харчытын, о.д.а. аахпатыбыт. 

Онон, эдэр ыаллар маннык үчүгэй усулуобуйаны мүлчү тутумуохтарын наада эбит!.

Аҕа бу хапытаалын харчытын бэйэтин биэнсийэтигэр, оҕолор үөрэхтэригэр эбэтэр, олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга ыытыан сөп.

Оччотугар саахсата суох олоруу, арахсыы, аҥаардас ийэлэр, о.д.а. социальнай кыһалҕалар аҕыйыахтара этэ диэн сабаҕалыыллар. Ону тэҥэ, аҕа оруолун үрдэтэргэ эмиэ бэртээхэй бачыым.

Бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, Уһук Илинтэн, Калининград уобалаһыттан, Крымтан саҕалыырга былаанныыллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0