70 саастаах биэнсийэлээххэ – эбии төлөбүр

Бөлөххө киир:

Биэнсийэлээх 70 сааһын туоллаҕына, ый аайы эбии төлөбүр көрүллэр.

СӨ бырабыыталыстыбатын 2002 сыл кулун тутар 5 күнүнээҕи 341-II №-дээх “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор биэнсийэлээхтэр социальнай көмүскэллэрин эбии мэктиэлэрин туһунан” сокуонугар тирэҕирэн, бу төлөбүр оҥоһуллар. Биэнсийэлээх 80 сааһын туолуор диэри ый аайы бэриллэр.

Кээмэйэ – 730 солкуобай (2020 сылга). 80 саас кэнниттэн атын төлөбүр төлөнөр, ол суумата улахан (8-10 тыһыынча солкуобай).

Хайаан да  социальнай управлениеҕа баран, сайабылыанньа суруйуохха наада. Докумуоннары ылбыттарын кэннэ, саҥа ый 1-кы чыыһылатыттан төлөнөн барар. Билбэккэ хаалбыт дьон элбэх, онон сааһырбыт дьоҥҥутугар иһитиннэрэргэ тиэтэйиҥ.

Дьокуускай куоракка социальнай көмүскэл управлениетын аадырыһа: Ленин пр., 4/1. Төл.: 31-95-10, электроннай почта:  uszn35@sakha.gov.ru

Сарсыарда 9-тан киэһэ 6 чааска диэри үлэлиир, эбиэккэ тохтобула – 13.00-14.00.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Интэриниэт ситимиттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0