25 баһаары умулларыы үлэтэ бара турар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

От ыйын 20 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 25 баһаары умулларыы үлэтэ бара турар диэн СӨ ойуур хаһаайыстыбатын департамена биллэрэр.


Ол курдук, Үөһээ Бүлүүгэ 3400 га иэннээх 3 баһаар, Бүлүүгэ 2889 га иэннээх 3 баһаар, Горнайга 8460 га иэннээх 2 баһаар, Кэбээйигэ 6789 га иэннээх 3 баһаар, Намҥа  2510,5 га иэннээх 5 баһаар, Ньурбаҕа 26014 га иэннээх 2 баһаар, Уус Алдаҥҥа 0,1 га иэннээх 1 баһаар, Уус Маайаҕа 3500 га иэннээх 1 баһаар уонна Хаҥаласка 27 га иэннээх 1 баһаар буола турар.

Маны таһынан, Үөһээ Бүлүүгэ 3 га иэннээх 1 баһаар, Горнайга 150 га иэннээх 1 баһаар, Кэбээйигэ 1953 га иэннээх 1 баһаар, Намҥа 6000 га иэннээх 1 баһаар тохтотуллубута бэлиэтэнэр.

Уоту кытта охсуһууга, уопсайа, 701 киһи уонна 88 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.

Баһаар саҕаланыаҕыттан ыла 85 183,89 га иэннээх 156 ойуур баһаара бэлитэннэ. Былырыын баччаларга 595 121,3 га иэннээх 411 баһаар тахсыбыта.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыксаллаах-быһыы майгы биллэриллэн турар.

Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0