2024 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 90% түргэн интэриниэккэ холбонуо

Бөлөххө киир:

СӨ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа миниистир Анатолий Семенов «Instagram» аккаунун сурутааччыларыгар быһа биэрии оҥордо.

Кини Сахабыт сирин 250 тахса нэһилиэгэ оптикаҕа ВОЛС холбонон, нэһилиэнньэ 86% түргэн интэриэниэтинэн хааччылынна диэн иһитиннэрдэ. Инникитин бу сыыппара эбиллэн иһэрин туһунан эттэ. Ол туһунан СИА иһитиннэрдэ.

2024 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 90% түргэн интэриниэккэ холбонон, цифровой экэниэмикэ, урбаан, үөрэх хаачыстыбата сайдыахтаах. Билигин Уус Маайаҕа оптика киирэн, бөһүөлэк 2500 олохтооҕо сөкүүндэҕэ 5 Мбит АДСЛ уонна GPON технологиянан 50 Мбит түргэннээх интэриниэттэннэ. Ону таһынан, МТС уонна Мегафон хампаанньа 4G холбоон, сибээс тубуста.

«Ростелеком» хампаанньа 2019 сылга Амматтан Уус Маайаҕа диэри 180 км уһуннаах сибээс ситимин тардыаҕа.

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0