Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр уларыйыы киирдэ

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, олунньу 17 күнүгэр, СӨ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар 2020 сыллааҕы бүддьүөккэ уларытыылары уонна 2021-2022 сыллардааҕы былааны көрдүлэр.

edersaas.ru

СӨ Үбүн миниистирэ Валерий Жондоров этэринэн,  2020 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 11 млрд 857 мөлүйүөн солкуобайынан улаатан, 219 млрд 277 мөл солкуобайга тиийиэхтээх. 2021 сылга 469 мөл солк эбиллэн, 201 млрд 210 мөл солк, 2022 сылга 1 млрд 489 мөл солк улаатан, 203 млрд 463 мөл солкуобай буолуохтаах.

2020 сылга бүддьүөт ороскуоттаах чааһа 16 млрд 345 мөл солкуобайынан эбиллэн, 224 млрд 764 мөл солкуобай, 2021 сылга 469 мөл солк улаатан, 202 млрд 208 мөл солк, 2022 сылга 1 млрд 489 мөл солк улаатан, 204 млрд 462 мөл солкуобай буолуоҕа.

2020 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дэписиитэ 4 млрд 488 мөл солкуобайынан улаатара күүтүллэр. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 5 млрд 486 мөл солкуобай дэписиит үөскүөҕэ.

2021 сылга судаарыстыба иэһэ 2 млрд 330 мөл солк кыччаан, 50 млрд 041 мөл солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

Быйыл өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматыгар 30 млрд тахса үп киирбит. Инвестбырагыраама улахан өлүүтүн саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү ылар. Ону таһынан, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр олоҕуран, 3-7 диэри саастаах оҕолорго ый ахсын төлөнөр босуобуйаҕа 170 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт.

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0