202 микро-оройуону муус оҥоһуктар киэргэттилэр

Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 202 микро-оройуонугар Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт муус оҥоһуктар баар буоллулар. Олохтоохтор тохсус куорпус иннигэр Саҥа дьыллааҕы оҥоһуктары сыл ахсын күүтэллэр. «Күннээх кытыл» дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбаларын салайааччыта Ольга Юрьевна Алексеева сүүрэн-көтөн, кини тус кыһамньытынан остуоруйа алыптаах эйгэтэ аһыллар.


Быйыл муус оҥоһуктар ис хоһоонноро Улуу Кыайыыны уһансыбыт ытык дьоҥҥо ананна.

Ону таһынан, тойон олбоххо уордьан бэлиэтин түһэрдилэр, хатааһылыыр сыырга «Катюшаны» оҥордулар. Чугастааҕы дьиэлэртэн оҕо-аймах араас уотунан күлүмүрдүүр муус оҥоһуктары көрө, сыыртан хатааһылыы кэлэллэр.

Хаартыска социальнай ситимтэн

«Саха сирэ» хаһыат , edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0