202 микро-оройуоҥҥа баар дьиэ дьон олороругар куттала суох!

Бөлөххө киир:

Бүгүн тохсунньу 29 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Госстройжилнадзор управлениетын үлэһиттэрэ 202 микро-оройуон 19 корпуһун фундаменын бөҕөргөтүү үлэтэ хайдах ыытыллыбытын кэлэн бэрэбиэркэлээтилэр.

edersaas.ru

Дьокуускай куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Владимир Федоров: «Билиҥҥитэ хапытаалынай өрөмүөн пуондатын харчытынан дьиэ фундаменын, колоннатын, ростверын тимиринэн туттаран, хамсаабат гына бөҕөргөтөн биэрдибит. Онон дьон олороругар куттал суоһаабат, дьиэ саахалланар туруга суох, өссө да өр туруо диэн эрэнэбит», — диэн эттэ.

Куорат үрдүнэн бу эрэ дьиэни чинчийбиттэр, оттон үөрэтиллибэтэх дьиэ, дьиҥэр, элбэх. Онон, улахан эбэ уутун кумаҕынан көмөн баран ааспыт үйэ 90-ус сылларыгар тутуллубут  202 микро-оройуон дьиэлэрин фундамена билигин хайдах туруктааҕа биллибэт. Бу оройуоҥҥа өссө 5 дьиэ фундамена хамсаан, истиэнэтэ хайа барбыт диэн этэллэр олохтоохтор.

Сокуон уонна Дьиэ-уот кодексатын быһыытынан, өскөтүн дьиэни хамыыһыйа саахалланар, эбэтэр сууллар туруктаах диэн билиннэҕинэ, 140 кыбартыыраҕа олорор ыалы барыларын саҥа дьиэнэн уочарата суох хааччыйыахтаахтар.

Ол эрэн, билигин долгуйарга төрүөт суох, 112 сериялаах дьиэ, тутааччылар этэллэринэн, 50 сыл сулууспалыыр болдьохтоох, оттон 19 корпус аҥаарын да ааһа илик.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0