2017 сылга биэнсийэҕэ уларыйыылар

Бөлөххө киир:

Быйыл биэнсийэ систиэмэтигэр тахсар уларыйыылар билиҥҥи уонна кэнэҕэски биэнсийэлээхтэри, ону тэҥэ үлэ биэрээччилэри кытта таарыйыахтара.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Cаха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Арассыыйаҕа
2017 сылга биэнсийэлээх ахсаана 43,3 мөлүйүөн киһиттэн 43,9 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыахтаах. 40 мөлүйүөн киһи страховой биэнсийэни ылар. 4 мөлүйүөн кэриҥэ киһи судаарыстыбаннай биэнсийэлээх. Быйыл 8,6 триллион солк. көрүллүбүт. 2015 сылтан үлэлиир реформа чэрчитинэн, быйыл страховой биэнсийэни ыларга 8 сылтан кырата суох ыстаастаах, 11,4 бааллаах буолуохтааххын. 2017 сылга муҥутаан 8,26 баалы ылыахха сөп.

Саха сиригэр
Саха сиригэр 2016 сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, барыта 270 181 биэнсийэлээх, 62 672 биирдэ харчынан бэриллэр төлөбүрү (ЕДВ) ылааччы, 69 217 Ийэ хапытаалын ылааччы баар. 68 228 тэрилтэ уонна предприниматель страховой усунуоһу төлүүр.
2016 сыл түмүгүнэн страховой биэнсийэ үрдээһинин орто кээмэйэ 359,65 солкуобайынан үрдээн, 18 487,23 солкуобайга тэҥнэстэ. Судаарыстыбаннай хааччыйыы биэнсийэтэ 422,30 солкуобайынан үрдээн, 11 224,59 солкуобайга тэҥнэстэ.

5 тыһ. солк. ылыахтара
Бары биэнсийэлээхтэр, ол иһигэр байыаннайдар эмиэ, тохсунньу 13-28 күннэригэр 5000 солк. ылаллар. Бу төлөбүр биирдэ эрэ бэриллэр. Туох да сайабылыанньа суруйар, ирдэһэр наадата суох, график быһыытынан биэнсийэни кытта холбуу кэлэр. Арассыыйа Биэнсийэ фондатын бүддьүөтүгэр бу сыалга 221,7 млрд. солкуобай көрүллүбүтэ.

ИДьМ биэнсийэтэ үрдээтэ
Олунньу 1 күнүттэн ИДьМ-ҥа үлэлээбит дьон биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ. Манна сыһыаннаах 2016 сыл ахсынньы 19 күнүнээҕи 430 №-дээх федеральнай сокуон олоххо киирдэ. Ону тэҥэ судаарыстыбаннай сулууспалаахтар биэнсийэҕэ тахсар саастара уһаан биэрдэ.

Биэнсийэ, социальнай төлөбүр үрдээһинэ
2017 сылга биэнсийэни индексациялааһын урукку халыыбар төннүөҕэ. Онон үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр страховой биэнсийэлэрэ 2016 сыл инфляциятыттан тутулуктанан, олунньу 1 күнүттэн үрдүөҕэ. Муус устар 1 күнүттэн судаарыстыбаннай хааччыйыы, социальнай биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ улаатарыттан тутулуктанан үрдүөҕэ.

Индексация буолар!
Олунньу 1 күнүттэн федеральнай чэпчэтиинэн туһанар биэнсийэлээхтэр харчынан ылар ыйдааҕы төлөбүрдэрэ (ЕДВ) индексацияланыа.
2016 сылга үлэлээбит биэнсийэлээхтэргэ быйыл атырдьах ыйыттан страховой биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ. Муҥутаан үс биэнсийэ баалыгар тиийэ эппиэттэһэр харчыны ылыахтарын сөп. 2017 сылга биэнсийэни булгуччулаах страховкалааһыҥҥа страховой усунуос 22%-наах таһымыгар хаалар. Ол эрээри итини бэрийии үлэтэ Биэнсийэ фондатыттан Нолуок сулууспатыгар көһөр.

Мораторий уһаата
Сокуон быһыытынан, биэнсийэ мунньуллар чааһыгар мораторий 2017 сылга салгыы уһатылынна. Ол аата 6% страховой усунуос мунньуллар биэнсийэҕэ барарын оннугар, страховой биэнсийэҕэ ыытыллар. Гражданин биэнсийэтин ханнык баҕарар фондаҕа ыытар бырааптаах. Мораторий манна мэһэйдээбэт. Бу мунньуллар чаастаах биэнсийэни 1967 сылтан бэттэх төрөөбүттэр эрэ ылар бырааптаахтар. Ону да 6% страховой усунуостарын мунньуллар чааһыгар дуу, страховойга дуу ыыталларын бэйэлэрэ билэллэр.

Ийэ хапытаала икки сылынан бүтэр
Ийэ хапытаала быйыл үрдээбэтэ. Суумата – 453 тыһ. солк. Ийэ хапытаалын бырагыраамата икки сылынан үлэлээн бүтэр. Оҕо 2018 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт, эбэтэр иитиллэ ылыллыбыт буоллаҕына эрэ, сертификаты биэрэллэр. Оттон сертификаты ылан баран, хаһан баҕарар туһаныахха сөп, бириэмэнэн хааччахтааһын суох.

Электроннай сервис кэҥиир
Ханнык баҕарар киһи дьиэтиттэн тахсыбакка эрэ, Биэнсийэ фондатын (ПФР) сайтыгар Тус кабинетыгар киирэн, биэнсийэни ылар туһунан сайабылыанньа суруйуон сөп. Ону тэҥэ бэйэтэ биэнсийэ аҕалааччытын уларытыан сөп. Gosuslugi.ru судаарыстыбаннай өҥө порталыгар регистрацияламмыт буолуохтааххын. Биэнсийэ фондатын es.pfrf.ru сайтыгар киирэн бары өҥөнөн туһаныахха сөп. Электроннай сервис сайдан, кэҥээн иһэр.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Cаха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0